ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаймыы

аат тыл

Нууччалыы кайма, кант

1 аат тыл #

Туох эмэ кытыытынан дьураалыы бүүрүк

Нууччалыы Кайма, кант

  • Эйигин санатан, Ыалыкы хара Хаймыылаах кыната Туртаҥныы хаалла.
    С. Данилов
  • Үрдүгэр хара хаймыылаах кыһыл таҥастар таҥнары ыйаммыттара.
    П. Тобуруокап
  • Сэрбиис кыһыл көмүс хаймыылаах
    В. Протодьяконов

2 аат тыл #

Таҥас эбэтэр атах таҥаһын кытыытынан таҥаһынан, түүнэн эбэтэр атын матырыйаалынан тигиллибит синньигэс дьураалыы бүүрүк

Нууччалыы Узкая полоска ткани, меха, мягкого материала, нашитая по краю одежды или обуви, оторочка

  • Анфиса үрүҥ түү хаймыылаах түүппүлэлээх.
    Н. Габышев
  • Үрүҥ куруһуба хаймыылаах баартыктаах официантка тиийэн кэллэ.
    С. Дадаскинов
  • Ийэтэ Чиэнэҕэ -- сиэгэн хаймыылаах күндү саҕынньаҕы, үүдэһиннээх малахаай бэргэһэни тигитэлээн биэрдэ
    И. Данилов

3 аат тыл #

Туох эмэ тулата, кытыыта

Нууччалыы Окрестность, край чего-л

  • Ол толоон Хара тыа Хаймыылааҕа эбитэ үһү.
    С. Васильев
  • Иннибитигэр хара ойуур хаймыылардаах туртайан көстөр толооннор ыраахха диэри нэлэһийэн көһүннүлэр.
    С. Окоёмов
  • Аллара хайыр таас хаймыылаах муора дьалкыллар. Н. Островскай (тылб.)

«Х» буукуба