ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бүүрүк

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы кайма, обшивка, кант, обод, ободок

1 аат тыл #

1. аат. Туох эмэ кытыыта, тулата, хаймыыта (үксүгэр онто бэйэтинээҕэр халыҥ эбэтэр үрдүк буолар)

Нууччалыы Кайма, обшивка, кант, обод, ободок

  • Бүлүүһэ бүүрүгэ. Бэргэһэ бүүрүгэ. Оҥочо бүүрүгэ.
  • Сыыры өрө дабайан тахсан баран... үрэх бүүрүгүн кэрийэ бара турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмтэрийбит бүүрүктээх, Эргэ алтан чуораан тыаһа Эймэнийэ түспүтүгэр, Эмискэччи чуумпу буолла.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Булт суолун-ииһин кэтэһэн ынтака бэргэһэтин кырса бүүрүгүн көп түүтүн быыһынан көрөн-истэн сэгэлдьийэр
    Болот Боотур

2 даҕааһын #

суолт. Тугу эмэ эргийэр, тулалыыр (тыа, сыыр, кытыл о. д. а.)

Нууччалыы Окружающий, окрестный (лес, гора, берег и т. п.)

  • Күөл бүүрүк дулҕатын кэтэҕэр биэс бугул турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бүтэй куйаас обургу Бүүрүк кэрии тыалары Бөлөнүйбүт үүт курдук Бүрүйээхтээн кэбистэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Улуу Туймаада бүүрүк хайаларын хонноҕор саҥа пионерскай лааҕыр аһылынна. “
    Кыым

«Б» буукуба