ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бүрүө

аат тыл

Нууччалыы покрышка, покрытие чего-л

1 аат тыл #

Тугу эмэ сабар, бүрүйэр хаппах, сабыы

Нууччалыы Покрышка, покрытие чего-л

  • Люда Светлова саҥа доҕорунуун олорон иһэр суппуун суорҕан бүрүөлээх сыарҕаларын үрдүнэн буулдьа быыстала суох ыйылаабыта.
    С. Никифоров
  • Чүөчээски уһуктубута титирээн бабыгырыы сытар эбит. Аҥар өттө бүтүннүү баттахтыын, таҥастыын - муус бүрүө буола хаһыҥҥа кырыаран хаалбыт.
    Суорун Омоллоон
  • Охтубут мас уоһунна, Көтөҕө бүрүө көлбөрүйдэ, Күөх унаар тунаарыйда
    Саха фольк

2 аат тыл #

Туохха эмэ (хол., ааҥҥа) тириини, халыҥ таҥаһы, боолдьоҕу о. д. а. тиирэн, тоһоҕолоон бүрүйүү

Нууччалыы Обивка, обшивка (двери, мебели)

  • Ыкса киэһэ халҕан тоҥ бүрүөтэ таһыттан тардыгырыы түһэр [ыт тарбаан].
    Амма Аччыгыйа
  • Аан эргэрэн тырыттыбыт бүрүөтүн харбыаласта, туох эрэ чорбойон турарыттан ылла уонна ааны эрчимнээхтик аһа баттаата
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

анат. Тыыннаах харамай эбэтэр үүнээйи ханнык эмэ чааһын чараас хаҕа, сарыыта

Нууччалыы Плева, плевра, оболочка

  • Салыҥнаах бүрүө. Тыҥа бүрүөтэ. Харах дьэҥкир бүрүөтэ.
  • 1949 сыл атырдьах ыйын икки күнүгэр Филатов харах дьэҥкир бүрүөтүн олордууга тыһыынчатын толорор операциятын оҥорбута. “Кыым”. Луук сүмэһиннээх араҥатыттан чараас дьэҥкир суба бүрүөтүн бэркэ сэрэнэн хастаан ыламмыт, көрүөҕүн. КВА Б. Афоня өлбөөдүйбүт, бүрүөтэ сабыллыбыт курдук, харахтара тугу да эппэт, кими да билбэт этилэрэ. Ю. Чернов (тылб.)

«Б» буукуба