ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кумалаан

аат тыл

Нууччалыы дупло дерева

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Үүнэн турар мас көҥдөйө

Нууччалыы Дупло дерева

  • Тииҥ уйатыгар кумалааҥҥа тоҕо хаары куттугут.
    И. Гоголев
  • Тоҥсоҕой кыыл тобулута тоҥсуйан Кумалаан оҥостубут.
    С. Зверев
  • [Тот мэкчиргэ] булдун сороҕун кумалааҥҥа, мас көҥдөйүгэр кистии уурар.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув. коҥгул 'дупло в дереве'; эвенк. коонгаалаан 'дупло'. Тэҥн. куоҥалаан
II

2 аат тыл #

, эргэр. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ: үбэ-аһа быстан уонна үлэни кыайбат буолан, нэһилиэк иитимньитигэр киирбит киһи

Нууччалыы Человек, находящийся на общественном иждивении; кумалан

  • Үптээҕим буоллар, маннык кумалаан курдук сылдьыа суох этим.
    Болот Боотур
  • Улуус-улуус аайы быстан-дьадайан, нэһилиэк иитимньитигэр киирбит кумалааннар аҕыйаҕа суох этилэр.
    И. Аргунов
  • Бэйэм буоллахпына бу ыалы кэрийэн кумалаан буола сылдьабын.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тур. кэлэмэн 'невольник из черкесов, воспитанный как воин'

3 этии #

Нууччалыы Находиться на общественном иждивении

  • Кумалааҥҥа бар - үбүҥ-аһыҥ быстан уонна үлэни кыайбат буолан нэһилиэк иитимньитигэр киир Буруобут умуллан кумалааҥҥа барар күммүт кэллэ.
    М. Доҕордуурап
  • Биэбэккээм, абыраа, сибилиҥҥиттэн кумалааҥҥа барарым сүрэ бэрт. Умналаан аһыы барарбын санаатахпына... М. Доҕордуурап
III

4 аат тыл #

, түөлбэ

  • Эбэҥки дьахталлара кумалааны үчүгэйдик тигэллэр, таба тыһын, тириитин тупсаҕайдык имитэллэр
    Я. Семенов

5 аат тыл #

Таба баттаҕынан аттарыллыбыт ындыыны саба быраҕар тирии, ындыы сабыыта

Нууччалыы Вьючная покрышка из шкур с оленьих голов

6 аат тыл #

Таба баттаҕынан эбэтэр тирии кырадаһынынан аттарыллан тигиллибит муостаҕа тэлгэтэр кыра көбүөр

Нууччалыы Коврик из шкур с оленьих голов, лоскутков шерсти

  • Таба баттаҕынан -- араастаан аттаран, ойуулаан кумалаан диэн ааттаах кыра көбүөрдэри тигэллэр. АЕЕ ӨҮОБ. Тирии кырадаһынынан аттаран дьиэрэкээн ойуулаах көбүөрдэри, утуйарга муостаҕа тэлгэтэр кумалааннары оҥортоон кэбис. "Кыым". Ср. эвенк. кумалаан 'покрышка вьюка'

«К» буукуба