ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кумалаа

туохтуур

Нууччалыы мять, комкать

1 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., таҥаһы, кумааҕыны) кум-хам тутан эбэтэр элбэхтик туһанан имит

Нууччалыы Мять, комкать (одежду, бумагу)

  • Бу кинигэ лииһин дэлби кумалаабыттар. Бүрүүкэҕин кумалаабыккын.
  • [Өлөксөй] хаартысканы ылан кумалаата.
    С. Васильев
  • Соҕотоҕун хаалан баран Арман кыһыытыгар ол кумааҕытын кум-хам кумалаат муннукка элиттэ. К. Турсункулов (тылб.)

2 туохтуур #

Тугу эмэ тыастаахтык-уустаахтык тоһут, алдьат, барчалаа

Нууччалыы Ломать, разламывать, разрушать, громить что-л

3 туохтуур #

Харса-хабыра суох тутан, кыай-хот

Нууччалыы Побеждать, одолевать (врага), разбивать (в пух и прах)

  • Баайы барчалыыр, кумаҕы кумалыыр.
    П. Ойуунускай
  • Фашизмы үлтү кумалаабыт Кыһыл Аармыйаҕа, сэбиэскэй норуокка аан дойду бар дьоно бүтүннүү махтаныаҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Биирбит тимир хороонноох Өстөөхтөрү кумалаан, Биирбит хойуу сордоҥноох Өрүстэргэ муҥхалаан Кыайыы дьоллоох күнүгэр Көрсүөхпүт, доҕоттоор!
    П. Тулааһынап
Өссө холобурдар (1)
  • Тэтимнээхтик, харса-хабыра суох киирис (хол., тустууга). Θ Стремительно наступать, смять, подавить, скомкать кого-л. Киһим миигин сэниир, кумалыан баҕарар, кылааһа үрдүгэ өтө биллэр. СМН ТС. Эдэр маастарга кандидат атахха сылбырҕатык киирэр, тэтимнээхтик кумалаан тустар. "Кыым". Гуртовенко Чукровы эмиэ били атыттары "кум-хам" тутуталаабытын курдук, кумалыан баҕарар
    ЭК

«К» буукуба