ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кумааһынньык

аат тыл

Нууччалыы бумажник

аат тыл

Харчыны, докумуону угарга аналлаах сиэпкэ батар дьоҕус көһүлүөк

Нууччалыы Бумажник

  • Тирии кумааһынньык.
  • Анараа дьонтон биирдэстэрэ ис хоонньугар укта сылдьар туспа кумааһынньыктан олус кичимэтик сууланан ууруллубут икки кумааҕыны ойутан таһаарбыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Күлүк Луха ыстаанын сиэбиттэн бөскөйбүт саппыйаан кумааһынньыгын ороон таһаарбыта.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Миша түөһүн, кумааһынньыгын туттан көрдө - онно баара-суоҕа сүүрбэ биэс солкуобайдаах.
    Н. Габышев
  • Ср. русск. прост. диал. умажник (ср. гумага) 'род переплета, кожаной сумки, карманный'

«К» буукуба