Перевод с якутского
имит
туохтуур
Нууччалыы выделывать, обрабатывать, мять (кожу).
English to crumple, to wrinkle
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Таҥастаан, сымнаҕас гына оҥор (тирии туһунан)
Нууччалыы Выделывать, обрабатывать, мять (кожу). Үлэтин быыһыгар хоччорхой таба тириитин имитэн, араас таҥас тигиэх тустаах
Оҕонньор тирии имитэ олорон талкы диэки ыйда.
П. ОйуунускайСайыныгар кыстык дьиэҕэ үүт кыынньараллар, бурдук астыыллар, тирии имитэллэр Амма Аччыгыйа
2 туохтуур #
Тугу эмэ быһыытын-таһаатын сүтэриэр диэри уһуннук бүк-тах, кум-хам тут (хол., кумааҕыны)
Нууччалыы Сжимать, мять, давить, комкать что-л. до потери формы, вида. [Салайааччылар] бытааннык хайдах эрэ иҥиэттэллэр, Быһыыта тугу эрэ ыарырҕаталлар
Кумааҕыны ылан имитэллэр, Холоон, кэччэйэн кэпсэтэллэр С. Васильев Сымныар диэри мускуй-эрий (хол., талаҕы). Θ Скрутить, вертеть; крутя, поворачивая из стороны в сторону, смягчать (напр., тальник). Талаҕым төбөтүн имитэн (эрийэн) баран, туһах курдук оҥордум уонна хорооҥҥо батары биэрдим
Суорун ОмоллоонМин туран, көрдүгэммин төгүрүйэ сүүрэн тиийэн умса түһэн сытан эрэ, туох да харса суох уулаан имиттим. Н. Неустроев
Өссө холобурдар (2)
"Оодул" холкуоһун дьонноро сүүрбэччэ киһи бэйэлэрин чилиэттэрин уһаайбаларын тулатыгар бу куруҥу солоон имитэн эрэллэр.
КүндэМиитиҥҥэ Охоноос тыл этэн имитэн эрэр Амма Аччыгыйа
3 туохтуур #
Итийиэр-кутуйуор диэри хамнат, көһүйбүтүн аһар (хол., сискин)
Нууччалыы Разминать части тела до полного согрева (напр., спину)
Куолас бурдугу үүннэрэр, Ходуһа отторун ходуйар -- Быччыҥы имитэр Хоодуот хонуктар кэллилэр. Эллэй. Оҕонньор сарсыардаттан кириэһилэтигэр кинигэ ааҕа олорон баран, сиһэ көһүйбүтүн имитэ таарыйа, хаамыталыы сырытта
Н. Лугинов
4 туохтуур #
Арахсыбакка, бокуой биэрбэккэ, мэһэй-таһай буолан сылат, эрэйдээ (үксүгэр оҕо туһунан)
Нууччалыы Своим беспокойным поведением утомлять, замучить кого-л. (обычно о ребенке)
Бэйэ, нохоо, киһини имитимэ! ПЭК СЯЯ
5 туохтуур #
Харса суох охсуолаа, кырбаа
Нууччалыы Бить, ударять, колотить
Бу Ньургун Боотур обургу өрө көтөн куугунаан тиийдэ да, абааһы уолун кэнниттэн имиппитинэн барда. Ньургун Боотур. Кэл эрэ, таһырдьа тахсыах, сирэйгин имитэн биэриэхпин... Күннүк Уурастыырап Мин чохороонум өнчөҕүнэн, Эһэни буруйдааҕын аайы, Икки сыҥааҕын имитэбин Т. Сметанин
6 туохтуур #
Эрчий-мускуй (тыл туһунан)
Нууччалыы Упражнять язык
Арай, оҕо тылын имитэргэ, оонньууга туттуллар ахсаан чабырҕаҕа диэн баар. Саха фольк Тылгын тууһуу мускуйаҕын, Эрийэҕин, иэҕэҕин, Иэмэх курдук тутан-хабан, Имитэҕин, иитэҕин С. Данилов
7 туохтуур #
көмө туохт. суолт. -ан сыһыат туохтууру кытта холбоһон. Хайааһын түргэнник уонна эрчимнээхтик буоларын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает быстроту и интенсивность действия; (в качестве вспом. глагола сочетаясь с деепричастия на -ан основного глагола)