Перевод с якутского
ыра
аат тыл
Нууччалыы желание чего-л. добиться, что-л. осуществить; устремлённость к чему-л., мечта, желание
1 аат тыл #
Ким эмэ туохха эмэ, тугу эмэ оҥорорго баҕарыыта, баҕа санаата
Нууччалыы Желание чего-л. добиться, что-л. осуществить; устремлённость к чему-л., мечта, желание
Кинилэргэ ити сырыы [кыраныысса таһыгар күүлэйдээһин] атын планетаҕа баран кэлии курдук хаһан да туолбат ыра этэ.
Н. ЛугиновБүгүҥҥүттэн сиппитинэн барар Циолковскай кынаттаах ырата, Саҕаланна үрүҥ күн анныгар История космическай эрата. Эллэй. Санаа ырата буолбут Сааскылаах дьэ чугаһаата. С. Федотов Ол эрээри кыра да ыраны ситиһэр туһугар киһи үрүҥ сүнньэ быстыар диэри үлэлиэхтээх П. Аввакумов
2 аат тыл #
Ким эмэ кэлэр кэскилэ эбэтэр кини инники олоҕор буолуохтааҕа
Нууччалыы Предсказание или предчувствие чего-л
Олоххутун ойуулуур Олоҥхоһут тыппыгар, Ыраҕытын тускулуур Ырыаларгыт тылыгар Алмаас тааскыт күлүмүн, Айылҕаҕыт кэрэтин, Аймах дьоҥҥут дууһатын Аҕалбыккыт диэбиттэрэ. Күннүк Уурастыырап Ити гынан баран былыргы да саха төрөөбүт буоругар дьол тааһа баарын, ыра-таҥха да курдук буоллар, син билэр эбит.
Суорун Омоллоон"Дьэ, киһи бэрдэ үс кырыылаах!" – Дииллэрин истэрим кырабар. Олоххо сылаалаах-ырыылаах Оҥкул суох курдуга ырабар Р. Баҕатаайыскай
3 этии #
Этиилэр
Ыра санаа
баҕа санаа диэн курдук (көр баҕа II).
Эдэр эрдэҕинээҕи курдук ыра санаа кынаттанан кыырайа көтөр аны суох. Софр. Данилов. Лаана Серёжаны олус да өр күүппүтэ, көрдөөбүтэ. Кини ыра санаатын ымыыта гынан. өйүгэр оҥорбут доҕордооҕо.
Н. ЛугиновКоля итинник ыра санаа кынатыгар уйдаран, бэрт элбэҕи эргитэ санаата. Кэпсээннэр. Ср. ДТС ырх, алт. ырым ‘предсказание, пророчество’