ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэрэбиэй

аат тыл

Нууччалыы жребий, гадание

1 аат тыл #

Туох эрэ биллибэти, киһиэхэ туох эмэ төһө табыллыаҕын хаартынан таайан көрүү

Нууччалыы Жребий, гадание (на картах)

  • Дьиэлээх Кулуутап талах олох маска олорон сэрэбиэй кэбиһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэйэбин хаарты хаһаайкатын курдук сананабын, хаарты миэхэ бас бэринэр, ол эрээри мин кинини сэрэбиэйгэ эрэ туттабын. ТТ. [Белокуров:] Мин былыр тойонноох олорбут эргэ дьиэлэригэр олорбутум, -- биир остуол баарыгар хаартынан сэрэбиэй быраҕарым. А. Чехов (тылб.)

2 аат тыл #

Билгэлээһин, таайан көрүү (уруккуну-хойуккуну, инникини, сүнньүнэн, туох эрэ биллибэти, хол., таҥха кэмигэр)

Нууччалыы Гадание, ворожба, предсказание судьбы (напр., во время "таҥха" – традиционно сложившегося в народе саха обычая)

  • Арчы дьиэтигэр таҥха кэмигэр сэрэбиэй арааһа ыытыллар.
  • Суодьаах ойуун сэрэбиэй кэбиһэрэ, ичээмсийэрэ.
    В. Протодьяконов
  • Кини эдьиийбэр сэрэбиэй түһэрдэ: "Илин Хаҥалас киһитигэр эргэ тахсыыһыгын". "Чолбон". Ахсынньы ороһооспо Биир кириһиэнньэ киэһэҕэ Сэрэбиэй кэбиһэннэр, Кыргыттар бачыыҥкаларын Аан таһыгар элиттилэр.
    ТГС ЫА

3 аат тыл #

Кимиэхэ туох тиксэрин көрбөккө бүтэйдии талан быһаарсыы

Нууччалыы Жребий (пут¸м вынимания наугад условного предмета)

  • Ньургун Кырбааһап мааҕын сарсыарда сэрэбиэй тартарбыттарыгар сэттис нүөмэри таһаарбыта.
    Н. Лугинов
  • Сэрэбиэй аан бастакынан саамай күүстээх хамаандалары көрсүһүннэртээтэ.
    ББ
  • Күрэхтэһии саҕаламмыта, маҥнайгы эргииргэ сэрэбиэй обургу, болдьообут курдук, Пётр Попову кытта түбэһиннэрдэ.
    СМН ТС

«С» буукуба