ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыбыт

туохтуур

Нууччалыы засунуть, впихнуть, всунуть что-нибудь в узкое место, щель

English insert

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Туох эмэ икки ардыгар, кыараҕаска тугу эмэ иҥиннэрэ ас

Нууччалыы Засунуть, впихнуть, всунуть что-нибудь в узкое место, щель

  • Сиэстэрэ иһэрин билэн, термометрын тиэтэйэн, сонун тас өттүнэн хонноҕун анныгар кыбыта охсон баран, тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук ньэмэллэн олорор.
    Суорун Омоллоон
  • [Даша] сиэркилэҕэ Ананий хаартыскатын кыбыта анньан туруорарын ылан, олорон эрэ уһуннук одууласта.
    М. Доҕордуурап
  • Халҕан быыһынан быыкайкаан аһаҕас харааран көстүбүтүгэр чороччу эриллибит кумааҕыны кыбыта оҕуста
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Туох эмэ икки ардыгар ыга баттат

Нууччалыы Прищемлять; зажимать, придавливать

  • Маҥан биэ баһын кыбыппыт (тааб.: сохсоҕо, чааркааҥҥа түбэспит кырынаас). Халҕаҥҥа тарбахпын кыбыттым
    ПЭК СЯЯ

3 туохтуур #

Дьиэҕэр дьукаах олорт

Нууччалыы Пустить к себе жить в квартиру кого-л., сдать угол кому-л

  • Атын да санаалаах буолларгын Атаһым буоллаҕыҥ, Кыбыстыбакка-кыһаммакка, Кыараҕаскар кыбытан, Кыстаппыккар баһыыба!
    А. Софронов
  • Дьыл баччатыгар кэлэн дьукаах кыбытар ыал көстөрө да биллибэт.
    Н. Якутскай
  • Хайдах эмэ сүбэтин булаҥҥыт, аҕыйах ый устатыгар [бу киһини] кыбытыҥ
    Болот Боотур

4 туохтуур #

кин. Сүрүн тиэкискэ, уус-уран, музыкальнай айымньыга быһа тардыылары, чаҕылхай этиилэри киллэрэн биэр

Нууччалыы Цитировать; вставлять, включать цитаты, афоризмы, делать вкрапления из чужих произведений в свое собственное художественное, музыкальное сочинение

  • Онтон кэпсээн ханнык эмэ даҕааһыныгар ханнык эмэ поэт дуу, үөрэхтээх дуу эппитин букатын эн күүппэтэх, сонун өттүгүттэн аҕалан кыбытан кэбистэххинэ, ол хатат уотунуу саҕыллар.
    Н. Заболоцкай
  • [Оҕо] уус-уран бэргэн тыллары, ырыалартан-хоһооннортон сөптөөх кэрэ устуруокалары, сытааталары сөптөөх миэстэлэригэр кыбытан, киэргэтэн суруйуохтаах
    СЛСПҮО

5 туохтуур #

сөбүлээб. Ханнык эмэ дьыалаҕа кими эмэ эмиэ кыттыгастаах курдук көрдөр эбэтэр кыттыһыннар

Нууччалыы Впутывать кого-л. во что-л

  • "Сүөдээр, эйигин аны ити бэлиитиктэр дьыалаларыгар кыбытаайаллар, сэрэн эрэ", - диир Маайа.
    Н. Якутскай
  • Кэбис, аҕаҕын кытта бэйэҥ кэпсэт. Миигин кыбытыма!
    М. Доҕордуурап

6 этии #

Нууччалыы Смотреть через щелку узких глаз; щуриться

  • Кыбытан көр - кыратык симириччи, быһыччы көр Кыараҕас, ыйаастыгас соҕус да буоллар, чаҕылыҥныы умайа, оонньуу сылдьар хап-хара, сытыы хараҕын быыһынан кыбытан көрдөҕүнэ, кини бэйэтин пиэрмэтин сүөһүтүн эндэтиэ диэн саараама!
    Н. Заболоцкай
  • Кини кыбытан көрөр эйэҕэс, өйдөөх харахтарыгар ааспыт кэми ахтыы сырдык кыымнара чаҕылыһа умайарга дылылар.
    ХС
  • Тыл кыбыт - дьон саҥарарын быыһыгар кылгастык тылла бырах, бэйэҥ санааҕын этэн аһар. Θ Бросить реплику; вставить слово. Мылахов саҥата суох турбахтаан баран, саамай сөптөөх түгэҥҥэ быһаарыылаах тыллары кыбытта.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • "Сүөһү төрүөҕүттэн куһаҕан майгыннаах буолбат", - ким эрэ тыл кыбытта.
    М. Доҕордуурап
  • Чэй кута олорор эмээхсин тыл кыбытан, оҕонньору саҥата суох ыытта. С. Васильев

«К» буукуба