ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыа

аат тыл

Нууччалыы фитиль из высушенной травы или другого легковоспламеняющегося материала, воспламеняющийся от искры при высекании огня; трут

English tinder, kindling

1 аат тыл #

Отунан, онтон да атын умайымтыа матырыйаалынан оҥоһуллубут чокуурунан уоту саҕан ыларга аналлаах күөдьүтүү

Нууччалыы Фитиль из высушенной травы или другого легковоспламеняющегося материала, воспламеняющийся от искры при высекании огня; трут

  • Убайын чокуура уонна кыата туһунан хаалааҕа, оттон хатата бөҕө тирбэҕэ быанан баалла сылдьара.
    Далан
  • Макаар сиэбиттэн саппыйатын таһааран, удьурхай хамсаҕа табах уурунна, хататынан кыаҕа саҕан уматынна, оборбохтоон күөх буруону бурҕаҥната үрдэ.
    В. Протодьяконов
  • Уматынаары саппыйатын сиэбиттэн кыа, чокуур таас куһуогун ылла
    Тумарча

2 аат тыл #

Эт быстыбыт эбэтэр дьарҕалаах киһи ыалдьар сиригэр ууран уматан, этин сиэтэн эмтииргэ туттуллар чороччу эриллибит от

Нууччалыы Конусообразный кусочек трута, который, поджигая, прикладывают на больное место на теле; мокса

  • Мин кыаны мэлдьи хаһаанабын. Кинини уматан түөн уурабын.
    И. Гоголев
  • Били кыа киһи этин дьөлө сиир, табыллан ууруллубут буоллаҕына. уот сиирэ биллибэт, көннөрү сылыйан, нүөлүйэн киирэр
    ФГЕ СТС

3 этии #

Нууччалыы Чернобыльник (разновидность полыни)

Этиилэр

Кыа ото көр кыа уга

Тиэргэҥҥэ үүнэр чыычаах ото, кыа уга элбэх ыарыыларга абыраллаахтар. Ордук ити кыа от - айыы ото. Кыа уга (кыа от) - аат., бот. Түүлээх кубаҕай сарадахтыы сэбирдэхтээх, кыһыллыҥы сибэккилээх кураайы сиргэ (үксүн бааһына кытыытыгар, өтөххө) үүнэр эрбэһинниҥи от үүнээйи Иэдьэгэй да суох буолла. Кииһилэ, кыа уга аһылыктаннылар. Амма Аччыгыйа. Ымыйаҕынан, кыа угунан тарга ытыйан үөрэ оҥоһуллар. Бу Өймөкөөн олохтоохторо былыр бэркэ биһириир астара эбит. Багдарыын Сүлбэ. Биһиги, оҕолор, күнүскү аһылык кэнниттэн өтөхтөрүнэн, алаастарынан сылдьан кыа угун хомуйабыт. И. Сосин. Кыа хаан - хаан элбэхтик тохтубута.

Обильно пролитая кровь; все, весь в крови.

  • Охсуһуу буолбут хонуутугар Мэхээчэ уонна Түҥ Хабырылла, киһи аатыттан ааһан, кыа хаанынан уста сыталлара.
    Л. Попов
  • Киһи өлүгэ бөҕө сылбахтанар, таҥнастыбыт сыарҕалар аттылара барыта кыа хаан.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Хаппытыан сирэйэ-хараҕа көстүбэт кыа хаан.
    А. Сыромятникова
  • Кыа тэллэйдэрэ (кунаахтара) - маска үүнэр кытаанах мастыйбыт эттээх биир эбэтэр элбэх сыллаах бөлөх тэллэй. Трубчатый гриб, растущий на деревьях; трутовые грибы. Тюрк. каҕ, кау, куу

«К» буукуба