Перевод с якутского
умнас
аат тыл
Нууччалыы ствол, стебель. [Даҕанча] аттынан титириктэр, хатыҥнар умнастара элэҥнэспиттэрэ
English stem, stalk
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
1. Үүнээйи силиһиттэн төбөтүгэр диэри сүрүнэ, сүрүн уга
Нууччалыы Ствол, стебель. [Даҕанча] аттынан титириктэр, хатыҥнар умнастара элэҥнэспиттэрэ
Сонос бэс умнаһыттан икки хаамыы кэриҥнээх тэйиччинэн силиһин булан сүгэнэн быһыллар. Хомус Уйбаан. Дьэдьэн төрүт угуттан умнастар үүнүтэлииллэр КЗА АҮө
2 аат тыл #
Туох эмэ уһун синньигэс уга
Нууччалыы Удлинённая часть какого-л. предмета (напр.,ствол пулемёта)
Оҕонньор хамсатын умнаһын туура тардан ылан эргитэ тутуталаата. Болот Боотур Бүлүмүөтүн умнаһа итийэн илиитин сиир буолбута Л. Попов
3 аат тыл #
Бөппүрүөскэ, сигэриэтэ сотото, хамса чубууга
Нууччалыы Стержень папиросы, сигареты, чубук курительной трубки
Булбут аҕыйах умнастарым биирдэ-иккитэ сыпсырыйар табахтаах эбиттэр. Р. Кулаковскай Уол «Беломор» табах умнаһа тостон сылдьарын кичэйэн угунна. Айысхаана. Оҕонньоор, хамсаҥ умнаһын кырбаабаккын эбээт, тардыаҕы. « ХС
4 аат тыл #
Өрүс, үрэх батыыта сир, кытыл
Нууччалыы Берега вдоль всей протяжённости реки. [Мартыын:] Булчут саха доҕордоох этим, Бу улуу эбэ умнаһыгар буор үүтээҥҥэ Кинилиин икки сыл Бииргэ кыстаабытым
Өлүөнэ өрүс умнаһын оройуоннарыгар оһуохай умнуллаары гынна. ХС Мэгэдьэк сылгыта аны Бүлүү өрүһүн умнаһын тухары тарҕанна АНП СЭЭ
5 аат тыл #
түөлбэ. Атах таҥаһын оһо
Нууччалыы Голенище обуви
Этэрбэс умнаһа
6 этии #
Нууччалыы Объякутившиеся русские (крестьяне),живущие вдоль берега реки
Этиилэр
Умнас бааһынайдара
өрүс умнаһыгар олохтоох сахатыйбыт, сахалыы билэр, саҥарар нуучча дьоно Баһыттан атаҕар диэри умнас бааһынайдара таҥнар таҥастарын булан таҥыннарар. Н. Якутскай. Аня төрөппүттэрэ умнас бааһынайдарыттан төрүттээх буоланнар, дьиэлэригэр сахалыы кэпсэтэллэрэ. С.Никифоров.[И.С. Ширшиков]өр сыллар усталарыгар умнас бааһынайдарын оҕолорун билиигэ-көрүүгэ сирдээбитэ. «Кыым». Умнас дьаама эргэр. — өрүһү кыйа, айан суолун устатын тухары ыал олорор сирэ, дьаам.
Населённый пункт, находящийся на берегу реки, на почтовом тракте, ям. Маннык ырбаахыны умнас дьаамын дьахталлара кэтэллэр. И. Никифоров.
Умнас дьаамыгар сир боппуруоһа сытыырхайбытынан сибээстээн, исполком Максим Аммосовы уонна Якушкову Покровскайтан Сиинэҕэ диэри командировкалыыр уурааҕы ылыммыта. П. Филиппов Мин аргыһым сүрдээх сытыы-хотуу киһи, умнас дьаамнарын ахсын билсэрдээх буолан, хонук ыал дөбөҥнүк булар. ХС
Өрүс умнаһа көр өрүс
Өлүөнэ өрүс умнаһын буора оҕуруот аһын үүннэрэргэ олус табыгастаах. «ХС»