ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баан

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы банк.

English bank

II

1 аат тыл #

Харчыны уурар уонна иэс биэрэр тэрилтэ

Нууччалыы Банк. Аан дойду үөгүлүүр үптээхтэрэ, хаһыытыыр харчылаахтара туппут-туттарбыт бааннара бүтүн уулуссалар буолан субуһаллар. С. Тарасов. Бааннар сүрүн уонна аан бастакы үлэлэрэ төлөбүрдэри тиксиһиннэрии буолар. В. И. Ленин (тылб.)

  • баай I диэнтэн бэй. туһ. Эрдэлиир Миитэрэй тууна бааммыт кырыалаах саал былаатын сүөрүннэ, бэргэһэтин сулбу тардан ылынаат, хонос гына түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмээхсин хараҕын саба баанан баран, быыс тумсугар тахсан олох маска олорор.
    А. Сыромятникова
  • Уйбаан этэрбэһин быата сөллүбүтүн баанна. Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

хаарты. Хаарты оонньуутугар ууруу (хол., харчыны)

Нууччалыы Банк (ставка на кон в карточной игре)

  • Лэгиэнтэй сүүрбэччэ солкуобайдааҕынан остуоска баан тутар.
    Н. Якутскай
  • "Баан даа?" - диэтэ Мэхээлэ Доромооноп _ _ хаартытын күүскэ ыга баттаан таһаара-таһаара, мэтэйдээн киирэн барда.
    Күндэ
  • Онно хаарты оонньуур үгэннээн турар этэ. Ыксаан хаана ыгыстыбыт Заливанов баан тутар. Н. Островскай (тылб.)

«Б» буукуба