Перевод с якутского
кытыл
аат тыл
Нууччалыы берег, побережье
English beach, coast, shore
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Уу (өрүс, күөл о. д. а.) кытыытынааҕы кураанах сир; уу кытыыта, биэрэк
Нууччалыы Берег, побережье
Маайыс Талба кытылыгар -- туран хаалла. Амма Аччыгыйа Бүлүү саамай кэрэтэ - кумахтаах кытыла. Л. Попов Саас өрүс эстэрин көрөөрү, нэһилиэк дьоно үксэ кытылга киирэллэр А. Федоров
2 аат тыл #
Өрүс, үрэх чугаһыгар сытар сыһыы сир, хочо
Нууччалыы Береговая долина, заливной луг
Күһүөрү сайын аҕабын кытта Амма кытылыгар оттуу сырыттыбыт. Амма Аччыгыйа Хочо, кытыл аайы дойду үллэстээччилэр туолан кэбистилэр. М. Доҕордуурап Оҕуруоту үүннэриигэ ордук табыгастааҕынан Өлүөнэ өрүс кытыла буолар. КММ ОК
3 аат тыл #
Туох эмэ кытыыта, кэриитэ, саҕата
Нууччалыы Край, кромка, окраина чего-л
Валерий Иванович бөһүөлэк кытылыгар ардах тохтообутун кэннэ адьас ньылбы сытыйан тигистэ. Л. Попов Киэҥ ыраас хонуу кытылыгар хахыйах ойуур күөгэйэ хамсыы турар М. Доҕордуурап
4 этии #
Кытыл ото - уу ылар сирин ото, соппоҥ от Кыра сүөһүлэрбитин наар кытыл отунан аһатаммыт, үөһүрээри гыннылар. Р. Кулаковскай
Нууччалыы Травостой поймы (считается непитательным)