ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өрүс

аат тыл

Нууччалыы река

English (often large) river

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Хаа, сүрүн устун тохтообокко мэлдьи устар уу улахан кээмэйдээх сүүрээнэ (саҕаланар уонна түһэр сирдээх буолар, үксүгэр борохуот сылдьар буоллаҕына итинник ааттанар)

Нууччалыы Река (большая, судоходная)

  • Сүүрүктээх ууну, улахан буоллаҕына өрүс диэн ааттыыбыт. Багдарыын Сүлбэ. Талахтар быыстарынан өрүс уута ол ыраах кылабачыйан көстөр
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

Өрүс хочото, быраантан өрүс уутугар диэри тайаан сытар сир (үксүгэр ходуһа сири этэллэр)

Нууччалыы Долина, пойма реки (в основном о покосных угодьях)

  • Сахсаала Сэмэн өрүскэ, Хаҥалас сиригэр, киирэн, оттуу сылдьыбыт. Саха ост. II

3 аат тыл #

түөлбэ. Өрүс тас үөһэ, төбүлэҕэ, сүрүн үөстэн арыынан араарыллыбыт үөһэ

Нууччалыы Рукав реки, отделенный от фарватера островом, протока

4 этии #

Нууччалыы Исток реки, верховье реки

Этиилэр

Өрүс арыыта көр арыы I

  • Өрүс арыытыгар баар ууга хас да кус түһэн аһыы сылдьар.
    Т. Сметанин

Өрүс балыга көр балык

"Оҕолор манна илимнииллэр эбит, - Ваня Сивцев күөл диэки ыйан кэбистэ, - Собо, мунду, өрүс балыга кытта баар". С. Никифоров. Өрүс баһа - өрүс саҕаланар сирэ уонна кини тулата, өрүс саамай үөһээ сүүрээнэ Дьүүктэлэртэн уу үрүччэ көрүҥнэнэн иҥнэл хоту сүүрүгүрэр, Үрүччэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһон өрүс баһын үөскэтэллэр. Өрүс кирбиитэ - өрүс тардыытын араарар үрдэл сир, арҕас.

Водораздел.

  • Бырама оройуонун улахан аҥаара өрүстэр кирбиилэригэр сытара.
    В. Яковлев
  • Өрүһү өксөй - өрүс сүүрүгүн утары уһун. Плыть против течения реки. Кыһын кини эйигин өрүһүнэн өксөйбүт үрүҥ көмүс муора уомулунан күндүлүөн сөп.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (16)
  • Кинилэр борохуотунан Алдан өрүһү өксөйбөхтөөн иһэн, биир салаа өрүс төрдүгэр кэлэн, түһэн хаалбыттара.
    Г. Колесов
  • Өрүс сүнньэ - өрүс уута устар сирэ. Русло реки. Өрүс сүнньүн тутуһан соҕурууттан хоту биир сөмөлүөт көтөн сундулуйан иһэр.
    Т. Сметанин
  • Садырыын уута чаалыйдаҕына, муора уута таһымнаатаҕына, Сүҥкэн өрүһүм сүнньүн сүөрэ тардан Сүүрүгү көҥүл сүллүтэр Сүдү көрүҥнээх.
    С. Зверев
  • Өрүс тардыыта - өрүс бары салааларынан ууну хомуйар, тардар иэнэ. Бассейн реки. Өрүс салааларыныын ууну ылар сирин өрүс уутун тардыыта диэн ааттыыллар. МНА ФГ. Өрүс төрдө - өрүс муораҕа, күөлгэ эбэтэр атын өрүскэ түһэр сирэ. Устье реки. Өлөөн диэн өрүс төрдүгэр атыыһыт дьаарбаҥкатыгар сылдьа таҕыстыбыт.
    А. Софронов
  • Енисей өрүс төрдүгэр Сибиир руднигар көскө ыытарга анаталаабыта.
    Эрилик Эристиин
  • Өрүс туруута - ыкса күһүн, кыһын саҥатыгар өрүскэ кыдьымах устан бүтүүтэ, өрүс хамсаабат мууһунан бүрүллүүтэ. Ледостав (на реке). Ыкса күһүн өрүс туруутун кэтэһэн, дойдубутугар тахсарбыт. Өрүс умнаһа - өрүс хочото, биир бырааныттан атын бырааныгар диэри сирэ. Долина реки, поречье. Өлүөнэ өрүс умнаһын буора оҕуруот аһын үүннэрэргэ олус табыгастаах.
    ХС
  • Өрүс уҥуоргута - өрүс нөҥүө, анараа өттө. Заречье. Өрүс уҥуор бардым.
  • Өрүс уҥуоруттан сэрии уордаах ньиргиэрэ иһиллэр.
    Т. Сметанин
  • Институтун бүтэриэҕиттэн атын, өрүс уҥуоргутунааҕы бырабылыанньаҕа үлэлиир.
    ХС
  • Өрүс үөһэ - өрүс уутун үгүс өттө устар дириҥ сүнньэ, сүлбэ. Основное русло реки, стрежень, фарватер. Өрүс үөһэ - өрүс хочотун уу сүүрдэр дириҥ чааһа. МНА ФГ. Өрүс хааһа - 1) өрүс хаатын сыыра. Высокий берег русла реки. Эһэ өрүс хааһын өрө сүүрэн таҕыста. Т. Сметанин; 2) өрүс хаатын сыырын үөһээ өттүнээҕи көнө сир. Ровное место над крутым прирусловым берегом реки. Ньургууна таптыыр өрүһүн хааһынан, киэҥ Өлүөнэ эбэ эҥээринэн баран иһэллэр.
    А. Сыромятникова
  • Кини өрүс хааһыгар сайын олорор ыскамыайкалаах.
    Н. Габышев
  • Өрүс хааһын кыйдара соҕус айаннаан иһэр буолуохтаахпыт этэ.
    С. Федотов
  • Өрүс хобордообут - саас өрүс уута аллара түспүт, өрүс мууһа көтөҕүллүбүт. Вода, залившая весной лёд на реке, ушла под него, лёд на реке поднялся. Өрүс хобордообута ырааппыт, эстэрэ чугаһаан турар.
    Т. Сметанин
  • Өрүс хочото - быраан уонна өрүс кытылын икки ардынааҕы дэхси (үксүгэр хонуу) сир. Долина реки. Улуу өрүс хочото киэҥ бөҕө буоллаҕа дии... Өрүс эстиитэ - саас өрүс халаана саҕаланыытыгар кыһыҥҥы мууһун алдьатан уһуннарыыта, көмүөл киириитэ. Ледоход (весенний). Арыыга бултааһын, өрүс эстиитэ, Семён Ивановиһы муус баттааһына - барыта түүл буолбутуттан олус үөрдэ.
    Т. Сметанин
  • Саас хаар ирэрэ, Көтөр кэлэрэ, Үрэх сүүрдэрэ, Өрүс эстэрэ Олус да үчүгэй.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ср. тюрк. үгүз, др. -иран. раш ‘река’

«Ө» буукуба