ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үрэх

аат тыл

Нууччалыы малая река, впадающая в реку, речка

English (often small) river, rivulet, brook

1 аат тыл #

Хаа, сүрүн устун тохтообокко устан үксүгэр өрүскэ түһэр уу сүүрээнэ

Нууччалыы Малая река, впадающая в реку, речка

  • Күһүн аайы куобахха туһахтыыбын, үрэххэ туулуубун, кыһын куйуурдуубун.
    Күндэ
  • Оччотооҕу бириэмэҕэ билиҥҥи Амма улууһун сиригэр, Амма үрэххэ Арыылаах хочотугар сэттэ ини-бии дьон олоортор.
    Эрилик Эристиин
  • Тугун баҕас уһунай Нуоралдьыма үрэҕэ, Хаһан-хаһан тиийиэмий Хампа алаас ыалыгар?
    С. Данилов

2 этии #

Нууччалыы Травянистая речка с отдельными водоемами наподобие мелких озёр и покосами

Этиилэр

От үрэх

көҥүһэ суох, көтө-көтө кыра элгээнниҥи уулардаах оттонор ходуһалаах үрэх Чээл күөх ньуурдаах от үрэх тоҕойугар мастар быыстарыттан күөх буруо өрө тыргыйан көһүннэ.

  • Мыраан аннынан сыккыраччы сүүрдэр от үрэх талаҕар чыычаахтар ыллаан чырылаталлар.
    Н. Якутскай

Үрэх баһа

киһи-сүөһү олохсуйбатах ыраах, чиэски сытар сир.

Удаленное от обжитых мест, неудобное для поселения место, верховье реки, водораздел.

  • Холобур, күһүн, үрэх баһыгар хаар түстэр эрэ, хаас киирбитинэн барар.
    Далан
  • Миигин хоту үрэх баһыттан кэлэрбин кытта Дьокуускайдааҕы сынньанар дьиэҕэ ыыппыттара.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • "Ээ, ол үрэх баһа сир", – диэн киһи-сүөһү олохсуйбат, түҥкэтэх ыраах сири ааттыыллар. Багдарыын Сүлбэ

«Ү» буукуба