Перевод с якутского
кирдээх
даҕааһын
Нууччалыы грязный
English dirty
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Абдуркулла хара лаҕыыр кирдээх кыра куулу уолун иннигэр быраҕан биэрдэ. Эрилик Эристиин Муоста кирдээх
Күндэ
2 даҕааһын #
Кир биһиллибит, киртийбит, ырааһа суох
Нууччалыы Грязный, запачканный, нечистый. [Уот Уһутаакы] Тоҕус илии кирдээх Тордохтоох ньоло хара ньуурдаах
3 даҕааһын #
Бороҥ өлбөөркөй, будулхай (өҥ туһунан)
Нууччалыы Мутный (по цвету)
Бу уу кирдээх. [Халлаан] хараара лүҥкүрбүт кирдээх өҥнөөх И. Гоголев
4 даҕааһын #
Куһаҕан, чиэһинэйэ суох, сиэри-майгыны утарар; быртах
Нууччалыы Плохой, дурной, нечестный, безнравственный, грязный
Сыыһа саҥаны саҥарда, Кирдээх тылы киллэрдэ. С. Зверев Ыпаачый уоруйах кирдээх дьайыгар ылларан -- хаайыыга олоро сырытта. М. Доҕордуурап Кирдээх, чиэһинэйэ суох дьоннор -- аһары сытыы-хотуу, чабыламмыт буолааччылар ПБН ОПТ
5 этии #
Нууччалыы Унижать, подвергать поруганию кого-л., разрушать что-л. (букв. топтать грязными ногами)
Кирдээх атаххынан (тилэххинэн) тэбис - кими, тугу эмэ улаханнык атаҕастаа, алдьат-кээһэт Сардаана ыраас таптала, сырдык ыра санаата содур киһи кирдээх атаҕынан тэпсиллибитэ. С. Никифоров [Гитлер сэриигэ] Омук-омук Куораттарын, Хонууларын Кирдээх тилэҕинэн Тэпсибит. А. Абаҕыыныскай Кирдээх илиигин ук (уктар) - кимтэн, туохтан эмэ тугу эмэ уор. Θ Обкрадывать кого-что-л. (букв. запускать куда-л. грязные руки). [Маайыс:] Эн тоҕо холкуос үбүгэр кини кирдээх илиитин уктараҕын? С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Кирдээх илиилээх - уорар үгэстээх; аньыылаах. Θ Имеющий привычку воровать; грешный (букв. с грязными руками). [Дойдубут] Кэрэтин ыһыаҕар Киллэримэҥ бука диэн Кирдээх илиилээҕи. С. Данилов Кирдээх киһи - өлбүттээх кэргэнтэн сылдьар киһи. Θ Человек, в семье которого кто-л. умер. Кирдээх киһи муҥхаҕа сырыттаҕына, балык булда ханнан хаалыан сөп үһү. Кирдээх суоллаах - куһаҕан, омсолоох, түктэри майгылаах-сигилилээх. Θ Скверного поведения, порочный, безнравственный. Бу киһи кирдээх суоллаах