Перевод с якутского
өһүө
аат тыл
Нууччалыы матица, потолочная балка
English beam
1 аат тыл #
Дьиэ үрдүн сүгэн турар сис мас (мастар)
Нууччалыы Матица, потолочная балка
Өһүөтэ бөҕө-таҕа буоллаҕына эрэ, дьиэ дьиэ буолар. Багдарыын Сүлбэ. Өһүөлэри быһар төбөлөрүнэн сүүрбэ икки сэнтимиэтир суоннаах, алта аҥаар миэтэрэ уһуннаах талыы үчүгэй бэрэбинэлэринэн икки миэтэрэ буола-буола түһэриллэр СГК ТҮЧ
2 этии #
Нууччалыы Средняя матица старинной якутской юрты; главная, средняя матица современного якутского дома
Бастыҥ (тойон, сүрүн) өһүө - былыргы саха балаҕанын, билиҥҥи саха дьиэтин ортоку өһүөтэ Балтаанай оноҕос барахсан Бар-дьаҕыл курдук Барылаан кэлэн Бастыҥ өһүө баһыгар Баһынан батары түһэн хаалла.
П. ОйуунускайДьиэ үрдүттэн буор тохтон, Чиэрэгинэн саккырыыра, Тойон өһүө, маһа сааллан, Тостуох курдук бачыгырыыра. Күннүк Уурастыырап Тырыттыбыт дьүдьэх таҥас нөҥүө Түөһэ ыраҥнаан көстөр: холкуоһу Сүһүөҕэр туруораары Сүрүн өһүө буолбута кини. Н. Босиков
Өссө холобурдар (3)
Өһүөтэ баай - өһүө үрдүнэн биир кэккэ бэрэбинэни түһэрэн өһүөҥү баттат. Θ Над матицами дома положить венец. Өһүө баайылыннаҕына, дьиэ тутуллан бүппүт курдук сананыллар - малааһын буолар. Багдарыын Сүлбэ. Өһүө баһа - өһүө балаҕаҥҥа баҕанаҕа эбэтэр сэбэргэнэҕэ тайанар төбөтө, дьиэҕэ истиэнэҕэ тайанар уһуктар. Θ Концы матиц потолка. Сопхуоска чахчыта оннук. Туһааннаах үлэҕин бүтэрдэргин эрэ, тойон түөскэр силлии-силлии, өһүө баһын ааҕа сытыахтааххын. Э. Соколов Киргиэлэйбит кэлэйбиттии өһүө баһын диэки көрөн кэбиһэр. ХС Өһүө тэп - былыргы саха оонньуута: тугу эмэ сымнаҕаһы өһүөҕэ ыйаан баран, ону тэбэ оонньоо. Θ Старинная якутская игра-забава: достать носком ноги до висящего под потолком мелкого предмета. Сэрии иннигэр убайым аах өһүө тэбэ оонньууллара