ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

орто

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы середина

English middle, central

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

даҕ

2 даҕааһын #

Туох эмэ икки ардынааҕы, киин, үөс диэки өттүнээҕи

Нууччалыы Средний. Орто үөрэх кыһата. Алаас ортото. [Иван Иванович:] Мин эмиэ кини көмөтүнэн бу син орто үлэһит буолан олоробун. С. Ефремов. Быйыл өрүспүтүгэр орто ходуһа уута кэлэн ааста. С. Никифоров

3 аат тыл #

суолт. Туох эмэ киин, үөс өттө эбэтэр саҕаланыытын уонна бүтүүтүн икки арда

Нууччалыы Середина, центр

  • Муус устар ый ортото. Дабыыт дьиэтин эмиэ баттатан кээһэр, дьоҕус сүгэһэрдэнэр уонна дэриэбинэни хабыллар хаба ортотунан киирэн, тус хоту салаллар
    У. Нуолур

4 этии #

Орто баайыы(лаах) - орто таһымнаах, орто кыахтаах, орто дьоҕурдаах Дьокуускайга олорор эрдэхпинэ, орто баайыы оонньооччуларга киирсэрим. Болот Боотур. Мин муус маҥаммын буолбат дуо? Син орто баайыыга киирсэр киһибин ээ. Р. Кулаковскай.

Нууччалыы Средний по способностям, возможностям

Этиилэр

Орто буор

орто дойду диэн курдук.

  • Оо, сор эбит, аат уола, Оҕонньор буола-буола! Ол кэриэтэ орто буорга Олорботох быдан ордук.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оҕо буолан орто буорга Олорбуппун астыммаппын.
    С. Данилов

Орто дойду көр дойду

Дьэллик Дьэһэгэй тойон кыргыттара, сэттэ кыыс, орто дойдуга сэттэ кыталык буолан киирэн көрүлээбиттэр. Саха фольк. [Манчаары:] Көскө да ыыппыттарын иһин, Көмүскэм уутун көрдөрүөм суоҕа. Орто дойдуга Уол оҕо тоҕо төрүүрэй, Аан дойдуга Ат кулун тоҕо үөскүүрэй. А. Софронов. Бу орто дойдуга туох барыта ааһар-устар ыйаахтаах. В. Гаврильева. Орто чээрэтэ - туох эмэ киин кэлим өттө, кытыыларын киллэрбэккэ туран.

Центральная, срединная часть чего-л. (исключая края). Орто чээрэтин эрэ оттообуттар. "ЭК".

  • Оруо маһы ортотунан - тосту-туора, сиэргэ баппаттык (быһыыланыы, саҥарыы). Напролом, на рожон; бесцеремонно, нахально (поступать). Оттон үгүс маачахалар Оҕолору сүтүөргээн, - Онтон-мантан сылтанан Охсо, кырбыы сылдьааччылар Оруо маһы ортотунан Ордук наһаа баттааччылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу дьахтар анараа Аанчык курдук оруо маһы ортотунан була сатаан үөҕэ-мөҕө сылдьыбат идэлээх.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (4)
  • Сүрэҕим ортотунан - сүрэҕэр-быарыгар, өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр. По сердцу, по душе. Үөрүү киһини сүрэҕин ортотунан тыкпыт күн курдук курдаттыы сылытар, сырдатар.
    Амма Аччыгыйа
  • Искусство, литература бырааһынньыга кимиэхэ баҕарар сүрэҕин ортотунан киирэн долгутар, үөрдэр.
    Суорун Омоллоон
  • Харах ортотугар - дьон көрөн турдаҕына, көрдөрөн туран. При людях, средь бела дня, на глазах у кого-л. Маайа өстөөхтөр харахтарын ортотунан, ыраас, туох да хаххата суох чигдинэн ол [баррикада] диэки тэбиннэ.
    Эрилик Эристиин
  • Ааспыт буор түҥэтик Сир уопсастыбатын хараҕын ортотунан, ыраахтааҕынан биһирэммит сокуонунан олохтонон ыытыллыбыта. М. Доҕордуурап

5 этии #

Нууччалыы Середняцкое хозяйство, середняк

  • Орто бааһынай - бэйэтин кыанан олорор, дьадаҥы да, олус баай да буолбатах хаһаайыстыба Андриан Корнилов саҥардыы "көнөн" эрэр, сүүрбэччэни кыайбат сүөһүлээх орто ыал.
    М. Доҕордуурап
  • Ковальчук Пётр Семёнович 1900 сыллаахха манна, Чуобуруччу сэлиэнньэҕэ, орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ.
    Н. Якутскай
  • Орто оскуола - уопсай орто үөрэҕи биэрэр оскуола. Θ Средняя общеобразовательная школа. Эһэлээх эбэҥ эйигин биэс көстөөх ыраах орто оскуолаҕа ыытан, кыайан өйүөлээн үөрэттэриэхтэрэ суоҕа.
    Г. Колесов
Өссө холобурдар (4)
  • Манна [Ньурбаҕа] икки орто оскуола, улахан аэропорт баар.
    И. Данилов
  • Орто тарбах - киһи илиитин эбэтэр атаҕын ортоку тарбаҕа. Θ Средний палец. Орто тарбаҕар биһилэхтээх эбит. Орто уҥуохтаах - дьон үксүн саҕа үрдүк уҥуохтаах. Θ Среднего роста. Кулуһун курдук көбүс-көнө, сып курдук быһыылаах-тутуулаах, уҥуоҕунан орто улахан киһи. МНН. Хаһан эрэ Никиитэлиин орто уҥуохтаах хатыҥыр кыыс кэлэрэ.
    Н. Лугинов
  • Орто үйэлэр - биһиги эрабыт V-XVII үйэлэрэ (бу бириэмэҕэ феодализм сайда сылдьыбыта). Θ Средние века. Орто үйэттэн ордон хаалбыт Оройо аһаҕас тордох. Дьуон Дьаҥылы. Орто ходуһа уута - саас өрүс халаанын орто таһыма, үрдүк ходуһаҕа халыйбат уу. Θ Весенний паводок среднего уровня. "Быйыл өрүспүтүгэр орто ходуһа уута кэлэн ааста", - Дьуона оҕонньор аа-дьуо кэпсиир.
    ХС
  • Др. -тюрк., тюрк. орта, орто, орту

«О» буукуба