ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрбийэ

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы низкорослый, чахлый

Ис хоһооно · 4
I

1 даҕааһын #

Кыра, намыһах, иинэҕэс (хол., мас, талах)

Нууччалыы Низкорослый, чахлый (напр., дерево, тальник)

  • Кылгас эрбийэ талахтар өҕүллүбэккэ, биир сиргэ холкуҥнууллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тороевтаах Ньээдьирэ уулаах, лээби оттоох алыыны туораан, эрбийэ мастардаах ойуурга тахсыбыттара.
    Л. Попов
  • Ср. тат. эрбэ ʽмякина, половаʼ
II

2 аат тыл #

Көтөр кынатын сапсынар уһун куорсуна

Нууччалыы Маховые перья крыльев птицы

  • Дабыдал тыаһа сааҕынаата, Эрбийэ тыаһа ньиргийдэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыстык дойдум диэн Кынаппын тыҥаттым, Итии дойдум диэн Эрбийэбин эрчийдим, Олохтоох дойдум диэн Куорсуммун кууртум.
    С. Зверев
  • [Кыталык] Эрийии көмүс эрбийэлээх, Кутуу көмүс куорсуннаах. Саха нар. ыр
III

3 аат тыл #

, түөлбэ. Көтөр атаҕар баар уһуктаах муос курдук тэбэр тыҥыраҕа

Нууччалыы Роговой заострённый шип (придаток) на ноге или крыле у некоторых птиц, шпора

  • Ирээхтээх кутуруктаах, Эрбийэлээх тынырахтаах, Элээркэй кынаттаах Элиэ көтөрүм Элиэтии көттө, Эргийтэлээн көрдө.
    Болот Боотур
  • Бөтүүк ситэ баттаан, эрбийэтинэн тэптэ
    СТТТ
IV

4 аат тыл #

, түөлбэ. Ох саа кирсин тардарга тойон эрбэххэ кэтиллэр тирии эбэтэр муос биһилэх

Нууччалыы Кожаное или роговое кольцо, надеваемое на большой палец при натягивании тетивы лука

«Э» буукуба