ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тарбах

аат тыл

Нууччалыы палец.

English digit, finger, toe

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Киһи илиитин-атаҕын хамсыыр биэс сарадахтарыттан биирдэстэрэ

Нууччалыы Палец. Уус Мандар атаҕын тарбаҕа сүгэһэрдээх буолан аармыйаҕа барбатаҕа. И. Гоголев. Мин тарбаҕым бөҕүөрбүт. Н. Габышев. Өлөксөй тарбахтарын мускуйбахтаан баран бытааннык: "Аҕаа, ийээ, мин кэргэн ылаары сылдьабын", - диэтэ. В. Протодьяконов

2 аат тыл #

Тиэхиньикэ, механизм сарадах курдук быһыылаах хамсыыр чааһа

Нууччалыы В машинах, механизмах: движущаяся деталь в виде стержня, зубца. [Малатыылка] тимир биилкэ тарбахтарынан отун сахсыйан таһааран өрөһөлөөтө

  • Массыына тарбахтара эргиир аайы күн уотугар көстөн килбэҥнэһэллэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Борохуот] эрдиитин тарбаҕа кимиэллээн Долгуну быһыта кырбаата
    С. Васильев

3 этии #

Нууччалыы соотв. пальцем не шевельнет

Этиилэр

Тарбахха баттанар (ааҕыллар) көр баттан

Биригээдэ үс батальонугар кыыс диэн тарбахха баттанар этэ эбээт. "ХС". Кини көрдөрүүтүн [үүт ыамыгар] куоппут бүтүн оройуоҥҥа бүгүн да тарбахха баттанар. "ХС". Сахаларга үөрэхтээх дьон сыччах тарбаҕынан ааҕыллар аҕыйахтара. "ХС". Тарбаххын айаҕар уган биэримэ - тас көрүҥэр албыннатан киирэн биэримэ, сэрэн (кутталлаах киһи диэн этии).

соотв. пальца в рот не клади кому-л.

  • Тарбаххынан да таарыйыма - кими-тугу эмэ атаҕастаама, илиигинэн дьүүллээмэ. соотв. и пальцем не тронь. Мин кэргэммин тарбахпынан да таарыйбат этим.
  • Кинини буоллаҕына тарбаҕым да төбөтүнэн таарыйбаппын. "Саха сирэ".

Биэс тарбах (тарбаҕыҥ) курдук бил көр биэс

  • Иванов төрөөбүт төрүт үрэҕин биэс тарбах курдук билэр буолан, Амма үөһүттэн туораан, -- эрийэ-буруйа түһэн, мас саҕатыгар таҕыста.
    М. Доҕордуурап
  • Аргыныап уус үлэтин-хамнаһын туох баар ымпыгын-чымпыгын, дьону-сэргэни даҕаны биэс тарбах курдук билэр киһи.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Маппыай Маппыайабыс маны барытын көрбөтөх да буоллар, биэс тарбах курдук билэр. Бэс Дьарааһын.

Көмүс тарбахтаах (илиилээх) көр көмүс

  • [Иван Степанович:] Суох, бу көмүс тарбахтар... Бу олус дьикти илиилэр.
    С. Ефремов
  • Дэбигис оннук мындыр өйдөөх, быһата көмүс тарбахтаах киһини булуоҥ суоҕа. А. Сыромятникова

4 этии #

Нууччалыы Безымянный палец

Этиилэр

Уус (уран) тарбахтаах

илиитигэр дьоҕурдаах, тугу эмэ уустаан, ураннык оҥорон таһаарар киһи.

Талантливый, умелый и искусный мастер, мастерица, умелец.

  • Халымаҕа дьахталлар Нарын, уус тарбахтаахтар.
    С. Данилов
  • Өлөксөй, эн кэргэниҥ Дьэбдьиэ уус тарбахтаах, иистэнньэҥ бэрдэ эбит.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • [Хоту дойду] уран тарбахтаахтарын атыы-дьаарбаҥкалара тэриллиэҕэ. "Кыым". Ср. др. -тюрк. тармах ʻлапа, когтиʼ, тюрк. тармак ʻветвь, веткаʼ, бармак ʻпалецʼ

«Т» буукуба