Перевод с якутского
баттан
Нууччалыы немного, совсем мало; на пальцах перечесть
1 этии #
Нууччалыы Немного, совсем мало; на пальцах перечесть
баттаа диэнтэн бэй., атын., туһ. Баттанар күннээх буоллахпына, хомуньуустар көмүскүөхтэрэ диэн кини бэйэтин, син киһи курдук көрүнэр.
П. ОйуунускайТурар дьоно көспүт дьиэ, аана ыга баттанан. П. Тулааһынап Горькай ойон туран, кэтит сабарай ытыһынан түөһүн баттанна, дэлэгээттэргэ сүгүрүйтэлээтэ. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Тарбахха баттанар (ааҕыллар) - 1) олус аҕыйах ахсааннаах, сэдэх Биһиги манна кэлэрбитигэр таас дьиэ диэн тарбахха баттанар ахсааннаах этэ. В. Гаврильева Эдэр-чэгиэн, сырыыны-айаны хотон сылдьар эр бэртэрэ тарбахха баттанар ахсааннаахтар. “ХС”; 2) биир баар-суох эрэллээх, эрэли үөскэтэр (киһи). Θ Единственный подающий надежду. Оччолорго кини курсугар тарбахха баттанар, кэскиллээх, бастыҥ устудьуон этэ. Е. Неймохов
2 этии #
Нууччалыы Упереть руки в бока, подбочениться (поза задумчивости и отдыха)
Өттүк баттан - көнөтүк туран илиилэргинэн синньигэс биилиҥ ойоҕос өттүлэриттэн баттан Сарсыныгар икки ыттаах Кэйиик Көстөкүүн көнчөҥнөөн кэлэр, өттүк баттанар. Н. Габышев Кэтириис [Лэкиэс иннигэр кэлэн өттүк баттанан туран эрэн:] - Дьөксө, истиэххин баҕардаххына, тоҕо эн бэйэҕэр хоруоп оҥоһуннуҥ? С. Ефремов Сыҥаах баттан - тоҥолоххуттан анньынан сыҥааххын илиигинэн өйөө (үксүгэр олорон эрэ). Θ Подпереть щеку рукой (в основном сидя). Оҕотоойоп, иһиллэ-иһиллибэттик өрө тыынан баран, тоҥолоҕунан остуолга тайанан сыҥаах баттанна. Софр. Данилов. Матрена охтубут тиит үрдүгэр саҥата суох сыҥаах баттанан олорор. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Степан Саввич соҕотоҕун хаалан баран, оннуттан турбакка эрэ сыҥаах баттанан олорон табахтаата. Н. Лугинов