ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баттаммыт

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы притесненный, угнетенный, эксплуатируемый

1 даҕааһын #

Кыһарыллыыны, атаҕастабылы көрсүбүт, оҥорбут уйгутун апчарыйтарбыт

Нууччалыы Притесненный, угнетенный, эксплуатируемый

  • Аан дойду баттаммыт аймаҕар “Коминтерн” ыҥырыы бырахта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Баттаммыт дьоннор этилэр Барыбыт төрүттэрбит. Эллэй. О, баттаммыт кыра, улахан омуктар! Күн диэки илиигитин өрө далайан туран уһуктан иһиҥ эрэ
    Суорун Омоллоон

2 аат тыл #

суолт. Кыһарыллыыга, атаҕастабылга, көлөһүннээһиҥҥэ түбэспит киһи

Нууччалыы Тот, кто попал под угнетение, притеснение, эксплуатацию

  • Баттаммыты быыһаары Ыстыыктары ыллыбыт. Эллэй. Мин сир уопсастыбатын баттаммыттара бары холбоһуохтара диэн эрэнэбин.
    М. Доҕордуурап
  • Баттаммыттар бары түмсэн, батталы төрдүттэн түөрүҥ
    Амма Аччыгыйа

«Б» буукуба