ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһарҕан

аат тыл

Нууччалыы большие тяготы; разного рода трудности, забота, печаль

1 аат тыл #

ан эмэ улахан эрэй-муҥ, ыарахан түбүк

Нууччалыы Большие тяготы; разного рода трудности, забота, печаль

  • Уус Миитэрэй олох бары кыһарҕаннарын көрүстэ: сэриини, суту, кырыымчык-кылгас кэми.
    Далан
  • Уоттаах кураан доҕуһуоллаах сэрии дьылларын кыһарҕаннара кыпчыйбыттара.
    И. Сосин
  • Бииртэн биир кыһарҕаннар түбүлээннэр үөрэммэккэ хаалбытыттан эмээхсин билигин да хомойор.
    ВН СС

2 аат тыл #

Кимтэн эмэ күөмчүлэнии, баттаныы

Нууччалыы Притеснение, угнетение со стороны кого-л

  • Мин саһыым, аҕаккаам, эйигин Үөксүкү кыһарҕаныгар киллэриэхпин баҕарбаппын.
    Суорун Омоллоон
  • Хасхаан бэйэтиттэн тугунан эмэнэн ордук дии саныыр оҕотугар олус кырыктаах этэ. Инньэ гынан Хасхаан кыһарҕаныгар үгүстүк оскуола остуораһын уола Костя түбэһэрэ.
    Далан
  • Ордук оҕолорбун аһынабын. Бандьыыт аҕалаах аатыран, саастарыгар кыһарҕаҥҥа сылдьыахтара
    Болот Боотур

«К» буукуба