Перевод с якутского
кытах
аат тыл
Нууччалыы большая деревянная чаша
1 аат тыл #
, бэй. туһ. Суунар таас саҕа мас иһит, улахан кытыйа
Нууччалыы Большая деревянная чаша
Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы (өс хоһ.). Балачча буолан баран анараа дьиэттэн икки киһи арыычча көтөҕөр кытахха абыр-табыр бэс бутугас аһы аҕалан остуолга -- ууран кэбистилэр. Саха нар. той. Боппууда сыалаах эти, биир кытах суораты үөһэ сэбиргэнэҕэ уурбуттар. Саха ост. I I. Ср др. -тюрк. хатыҥ 'сосуд, кувшин'
2 этии #
Кытаҕын уһугар олордо - кимиэхэ эмэ анаан бэлэмнэммит аһылыкка түбэһэн асаһан хаалла "Хата бочуоттаах хоноһо кытаҕын уһугар олорустаҕым," - ньалбаҕар сирэйдээх, хаптаҕай муруннаах, икки чанчыгынан көрбүт эдэрси киһи хабыгыраата. Болот Боотур
Нууччалыы Случайно попал к столу, накрытому для кого-л. другого
3 аат тыл #
Саас уу ылар төгүрүк хотоол сир
Нууччалыы Маленький зарастающий пруд
Лэглээр оҕонньор тэйиччи кытахха охсо сылдьан баран саҥа тиийэн кэллэ. Амма Аччыгыйа Сир балай эмэ сиигирбит, кытахтар ууламмыттар. Болот Боотур Кытах сирдэргэ уу халыйан, ийэ сир сиэркилэ буола, чаҕылыйа оонньоото М. Доҕордуурап