ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытта

кэнники тыл, туохтуур

Нууччалыы с

English with

Ис хоһооно · 12
I

1 туохтуур #

дьөһ. (туохт. уонна таһ. түһүгү кытта тут-лар)

  • Хардаҕас саҕа бэйэм Ханна да кистэннэрбин, Хара буорум үрдэ кырыстыйыа, Хайа эмэ оту-маһы кытта Хагдарыйбат күөххэ ханыылаһыам, Сир-дойду симэнэр-киэркэйэр кэмигэр Сэргэх сэбирдэх буолан тэлибириэм.
    С. Зверев
  • Сарай аттыгар Турахины кытта сомуон тойотторо олорон хааллылар.
    Эрилик Эристиин
  • [Маайыс:] Бэйэм үөлээннээхтэрбин кытта үлэлиэм, көрүлүөм уонна көрөөр, күһүн хайдах уойан, тупсан тиийэр эбиппин
    С. Ефремов

2 туохтуур #

Бииргэлэһии сыһыанын бэлиэтээн, хайааһыны бииргэ оҥорсор эбэтэр хайааһыҥҥа кытыарыллар кими, тугу эмэ бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Выражает отношение совместности, указывая на предмет или лицо, участвующее в действии совместно с кем-л.; сопровождающее кого-что-л. (с)

3 туохтуур #

Хардарыта оҥоһуллар хайааһыҥҥа кыттыһар кими-тугу эмэ бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета или лица, участвующего во взаимном, обоюдном действии (с)

  • Тимир тааһы кытта харсыбыта. Алтан көмүһү кытта көрсүбүтэ.
    С. Зверев
  • Кини ийэбин кытта кэпсэппэт, миигин эрэ кытта кэпсэтэр.
    И. Гоголев
  • Эн көмөлөһөөччүҥ Терентьев бу дьону кытта, саатар, төлөпүөнүнэн сибээстэһэр дуо?
    П. Егоров
Өссө холобурдар (4)
  • Быһаарар суолта дэгэттэнэр. Θ Может указывать на определительные отношения. Онон сибээс этэрээтэ алдьаммыт лииньийэ абырахтаан, атын куораттары кытта сибээс оҥороллор, Ташкентан эмчиттэр ыҥырыллаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Мантан -- Новосибирскайы кытта быһа сибээс олохтоммут
    И. Данилов
  • Хайааһын туһуламмыт предметин бэлиэтиир дэгэттэнэр. Θ Может указывать на предмет, на который направлено действие. Төгүрүйэн турар тыабын кытта, Төрөөбүт айылҕабын кытта Күн тура-тура көрсүһэр курдук, Илэ-бодо кэпсэтэр кэриэтэ Эттиин-хаанныын силбэһэн сылдьар этим.
    С. Зверев
  • Орто оскуоланы бүтэрдэрбин, дьэ, кырыыстаах математиканы кытта бырастыылаһаахтыам этэ. Софр. Данилов. Көтөрдөр барахсаттар төрөөбүт кыраайдарын кытта бырастыылаһан айманаллар
    Н. Якутскай

4 туохтуур #

Хайааһыны арыаллыыр атын хайааһыны, туругу бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении действия, состояния, сопровождающего другое действие (с). [Марфа Николаевна:] Чэ, сарсын биһиэхэ көрсүөхпүт

  • Бакаа, баһыыбаны кытта быраһаай.
    С. Ефремов
  • Миичэ Горохов үөрүүнү кытта саа үрдүгэр түсүһэр
    И. Бочкарев

5 туохтуур #

Хайааһын кимниин, туохтуун эмэ сэргэстэһэ, ыксалаһа оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении смежности, близости места действия или места нахождения предмета с кем-чем-л. (с)

  • Тыа саҕатыгар, бурдук сирин ортотугар кэбиһиилээх от, ону кытта кэккэ кылааттаах бурдук.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьокуускай төһө да тымныы аатырдар быдан соҕуруу сыттаҕа дии, оттон хоту өттө буоллаҕына, - Илиҥҥи Сибиир муустаах муората, тымныы кырдьаҕас сирдээҕи уоруга илэ бэйэтинэн эмиэ бу кыраайы кытта ыкса ыаллаһа, баара эрэ биэс уон көстөөх сиргэ сытар. С. Курилов (тылб.)
  • Быһаарар суолта дэгэттэнэр. Θ Обозначает определительные отношения. Кытайы кытта кыраныысса

6 туохтуур #

Хайааһын тугу эмэ кытары тэҥҥэ, биир бириэмэҕэ оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении события, явления, одновременно с которым совершается другое действие (с)

  • Үлэни үмүрүтэн муҥхаҕа, булка Кыһыны кытта тэҥҥэ туруохпут.
    С. Данилов
  • Бурхалей бу тылын кытта үөрүүлээх көрсүһүү кэпсэтиитэ бүттэ.
    Эрилик Эристиин
  • Сарсыарда күнү кытта тураллар, киэһэ хойут бүтэллэр
    И. Данилов

7 туохтуур #

Хайааһын туһуламмыт предметин бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Указывает на предмет, на который направлено действие (с)

  • Хойуу сиэллээх дулҕалары, Сөкүнү кытта турууласта.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Унаар лаабыс үрдүгэр Уорҕата эрэ нэһиилэ көстөр, Онно барабаан иннигэр Түүтэҕи кытта мөхсөр.
    С. Васильев
  • [Петя:] Иван Иванович, мин кыра да буоллар, техниканы кытта билсэбин
    С. Ефремов

8 туохтуур #

Ким, туох эмэ атын предмеккэ туох сыһыаннааҕын бэлиэтииргэ туттуллар (сөп түбэһии, биир уопсай өрүттэнии, тэҥнэнии, о. д. а.)

Нууччалыы Употребляется при обозначении лица или предмета к которому имеет какое-л. отношение другое лицо или предмет (согласованность, общность, сопоставление и т. п.; с)

  • Ол эрээри Михаил Николаевич этиитин кытта сөбүлэһиэххэ сөп.
    Н. Якутскай
  • Мин үчүгэйдик кэпсэтэр табаарыстары кытта сүрдээх эйэҕэс оҕонньорбун.
    С. Ефремов
  • Киһи туттар малын кытта үөрэнсэн, өйөнсөн хаалара манан буолбатах
    Н. Заболоцкай

9 туохтуур #

Хатыланар ааттары кытта ким, туох эмэ туохха эмэ кубулуйуутун бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В составе повторяющихся имен указывает на превращение одного предмета в другой (с)

  • Хаһан кинилэр улаатыахтарыгар диэри уон көс. Онуоха диэри миигинньик баҕас буору кытта буор да буолар инибин.
    Амма Аччыгыйа
  • Сири кытта сир буолан сиҥнибит өтөх сыппыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Түү мээчиктии Төкүнүйэ оонньуохпун баҕардым, Салгыны кытта Салгын буолбуттуу сананным
    П. Тобуруокап

10 туохтуур #

Хайааһын тугу эмэ киллэрэн туран, ситэри оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Указывает на степень и предел включенности чего-л. в сферу действия (включая)

  • Марба эт сууламмыт отун кытта сиэх курдук аччыктаабыт эбит.
    Күндэ
  • Эрбантей эһэҕэ баттатан, Бурхалей хайаттан сууллан өлө сыспыттарын кытта кэпсээтилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Дьиҥнээх доҕордоһуу диэн бэйэ-бэйэни эрэ ытыктааһынынан муҥурдаммакка, доҕор төрөөбүт омугун, кини тылын кытта хардарыта ытыктааһын эбээт!
    А. Федоров

11 туохтуур #

Ситим тыл суолтатыгар туттуллан, бириэмэ салаа этиини тутаах этиигэ холбуур

Нууччалыы Употребляясь в качестве союза, присоединяет придаточное предложение времени (как только)

  • Бу куруһуоктар тэриллэллэрин кытта, үлэ ыччат ортотугар күөстүү оргуйбута.
    В. Протодьяконов
  • Биэс биэрэстэни барарбын кытта, ойуурум, күүппүт курдук, бүттэ.
    Т. Сметанин
  • [Бэрэбиэсчит:] Дьэ, оҕонньоор, туоратааппын эрэ кытта, били баҕайылар тиийэн кэллилэр.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. хак. хада 'вместе, совместно'
II

12 #

эб. Саҥарааччы этэр санаатын күүһүрдэрин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает субъективное усиление высказываемой мысли (и, тоже)

  • Үгүс мөлүйүөн ахсааннаах Үлэһит дьон өйдөрүгэр - Үрдүк халлаан күөнүгэр Үөрэ туналыйа устар Үрүҥ күн кытта соҥуйан, Өлбөөдүйэ өспүтэ...
    Күннүк Уурастыырап
  • Ыас хара түүн, Ыйыстар хараҥа. Биир да сулус көстүбэт, Бэл, ый кытта күндээрбэт!
    П. Тобуруокап
  • Ананий хаартыскатын хаһыакка кытта таһаарбыттар
    М. Доҕордуурап

«К» буукуба