ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ымыйа

аат тыл

Нууччалыы большая деревянная чаша, большая посуда для жидкой пищи

1 аат тыл #

, эргэр. Убаҕас аска туттуллар чабычахтыҥы быһыылаах мас иһит

Нууччалыы Большая деревянная чаша, большая посуда для жидкой пищи

  • Дыгын баай тахсан, ыһыаҕар Бэрт Хараны ыҥыран ураһатыгар киллэрэн, үс бууттаах ымыйанан кымыс биэрэр.
    Саха фольк
  • Ымыйаны хатыҥ маһы төгүрүччү иэҕэн эркиннииллэр, тас өттүн олус үчүгэйдик ойуулууллар, оһуордууллар. Саха сэһ. 1977. Тоҕус дойду Ойборууна буолла, Аҕыс дойду Чалларыына буолла, Ымыйалаах кымыһы ыйырбахтаатылар, Кытыйалаах кымыһы кыллырҕаттылар
    С. Зверев

2 этии #

Нууччалыы Чаша круговая вместимостью в 7-8 литров, предназначенная для питья кумыса на празднике ысыах

Этиилэр

Кэриэн ымыйа

улахан ыһыахтарга элбэх киһини кэритэн кымыс иһэрдэр сэттэ-аҕыс лиитирэ истээх ымыйа Кэрдиис ойуулаах Кэриэн ымыйаларга Араҕас арыыны кутан Уура охсон кэбистэ.

  • Чороон айах, кэриэн ымыйа, таҥалайдаах ыаҕас, -- диэннэр олус мындыр, уустук оҥоһуулаах, үтүө иһиттэр баар этилэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Улуу ыһыах саҕаланна, Уолбат уйгу тардылынна. Кэриэн ымыйа кэккэлээтэ, Чороон айах чуоҕуйда.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув., монг. сава ‘сосуд’

«Ы» буукуба