ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытыйа

аат тыл

Нууччалыы большая деревянная чаша

English a large wooden bowl; large wooden bowl

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы большая деревянная чаша

English a large wooden bowl; large wooden bowl

  • кытыйа кыырда, хамыйах хардааччыта
    ястреб к мискам, сокол к ложкамa hawk to bowls, a falcon to spoons

2 аат тыл #

Миискэ курдук дьоҕус мас иһит

Нууччалыы Деревянная долбленая чаша средней величины

Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. хатыҥ 'сосуд'

3 этии #

Нууччалыы Мелюзга соперничает с мелюзгой, найти себе равного в споре (букв.: миска дерется с миской, ложка трется с ложкой)

  • Кытыйа кытыйатын кытта кырбаһар, хамыйах хамыйаҕын кытта хабырыһар - кыра (киһи, атын да тыыннаах харамай) кыраны, тэҥнээҕин кытта киирсэр, мөккүһэр, күрэхтэһэр Кытыйа кыырда, хамыйах хардааччыта, мэһэмээн мэкчиргэтэ бэй. туһ. - сүрэҕэ суох, аска эрэ хамаҕа. Θ Ленивый обжора (букв.: ястреб до чашек, сокол до ложек, сова турсуков). Кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһан үөскээбит - оҕо эрдэхтэн бииргэ булкуһан үөскээбит. Θ Расти, вырасти вместе (с детства). Амма Аччыгыйа - мин өр сылларга, били этэргэ дылы, кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһан, ыкса-чугастык сыһыаннаспыт саамай истиҥ доҕорум.
    ХС
  • Кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһа олорор - тугу да гыммакка, оҕону-дьахтары кытта булкуһан тахсар. Θ Живет, ведя праздную жизнь в обществе жещин и детей (о домоседах). Кытыйата туолла - тулууруттан таҕыста, тулуйбат буолла. Θ Терпение его лопнуло. (букв. чаша его наполнилась). - Эҥин буолан, бары-барыта, эн баҕас... Киэҥ көҕүс дьэ кыараҕастыйда, кытыйа дьэ туолла. - Хайдах!.. - Дьөгүөрдээн сыарҕалаах мас төбөтүттэн өрө көтөхтө да, киһилэри-мастары тоҥуу хаарга биирдэ туора илгэн кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кытыйа-хамыйах кырбаһыы - дьиэ иһинээҕи кыыһырсыы, иирсээн, киҥир-хаҥыр саҥарсыы. Θ Семейная ссора, размолвка, семейные дрязги. Дьиэ иһинээҕи кытыйа-хамыйах кырбаһыыта эмиэ баара. Арыт эдэр ыанньыксыттар үлэлэриттэн кыыһыран киирэллэрэ, этиһэллэрэ.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • - Оттон эмиэ этиһэргэ-буруустаһарга дылыгыт дии? - Алаана дьүөгэтин диэки имнэннэ. - Ол кытыйа-хамыйах кырбаһыыта!
    ХС
  • Кытыйа-хамыйах салас - туохтан эмэ кыра соҕустук тиис, туһан. Θ Иметь свою (незначительную) долю в чем-л., перепадать кому-л. от чьих-л. благ. Миитэрэй оҕонньортон кытыйа-хамыйах саласпатаҕа буоллар, Баанча син сир өтүө суох, ити баккыта суох батараактартан соччо ордуо суох этэ. Софр. Данилов. Бу кыра үөрэхтээх буолан баайдарга ону-маны эридьиэстээн, кытыйа-хамыйах саласпыт киһи.
    Н. Заболоцкай
  • Оҥоруулаах үлэнэн быһаччы дьарыктаммат эрээри кытыйа-хамыйах салаһар -- төһөлөөх тэрилтэлэр, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр -- бааллара буолуой? "Кыым"

4 этии #

Нууччалыы Деревянная чаша с медным ободком

  • Алтаннаах кытыйа - алтан кытыылаах кытыйа Арыы саламаат астаах Алтаннардаах кытыйалар -- Чуоҕуһаннар тураллар.
    И. Эртюков
  • Чаркааскайдаах кытыйа - аллараа кытыытынан булуук суолун курдук туруору дьураа ойуулардаах мас кытыйа. Θ Деревянная чаша, украшенная боковыми узорами в виде вертикально идущих бороздок. Кытыйа кырыыппа аат., муус. - тус-туһунан тональностаах икки эбэтэр үс кыллаах, уһун моойдоох, тирии эбэтэр мас сирэйдээх музыкальнай инструмент. Θ Струнный щипковый музыкальный инструмент с круглым корпусом, с двумя или тремя струнами разной тональности

«К» буукуба