ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чоҥолох

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы небольшой округлой формы и находящийся ниже окружения

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Тулатынааҕар намыһахтык сытар кыра төгүрүк быһыылаах (хол., көлүччэ)

Нууччалыы Небольшой округлой формы и находящийся ниже окружения (напр., озеро)

  • Икки улуу алаас икки ардыгар, тыа быыһынааҕы чоҥолох толооннорго, быллаардар быыстарыгар уонча дьадаҥы ыаллар бытарыһан олороллор.
    Амма Аччыгыйа
  • [Кини] сир ойуур ортотугар баар чабычахха куппут курдук чоҥолох көлүччэҕэ кэлэн тохтоон ылла. ПИ КТ. Үрэх чоҥолох элгээнин будулуйбут уутуттан тахсыбакка сөтүөлүүбүт.
    Г. Колесов
  • 2
Өссө холобурдар (1)
  • Тордохтоох дьэс солуурчаҕын Тоҥолохтонон киирэн, Чоҥолох тымныы уутун Тобугар диэри кэһэн, Тохтубат эрэ гына Тобус-толору баһар
    П. Тобуруокап

2 аат тыл #

суолт., түөлбэ. Дириҥ уулаах кыра төгүрүк көлүйэ

Нууччалыы Маленькое глубокое озеро округлой формы

3 даҕааһын #

Мастан хаһан оҥоһуллар кыра оҥхоҕор иһит

Нууччалыы Маленькая глубокая деревянная чаша

  • Былыргы саха уустара -- мас чорооннору, кытыйалары, чоҥолохтору -- ойуулаан-бичиктээн оҥортуур этилэр. ПСН УТС. Мас кытыйалары, чоҥолохтору төгүрүк олохтоох гына -- оҥороллор
    ПСН УТС

4 этии #

Этиилэр

Чоҥолох алаас көр алаас

  • Мин эмиэ дьоҕус, чоҥолох алаас куулатыгар төрөөбүтүм. Сэмээр Баһылай. Чоҥолох алаастар икки ардыларынааҕы хордоҕой устун нөҥүө алаас атаҕар түстүбүт.
    С. Федотов
  • Намыһах ойуурдаах, чоҥолох алаастардаах тайҕа тыа хам тоҥон турара. В. Титов

«Ч» буукуба