Перевод с якутского
алаас
аат тыл
Нууччалыы увы; поляна
English alas, glade
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы увы; поляна
English alas, glade
дойду сурахтаах, алаас ааттаах у каждой страны своя слава, у каждой поляны своё имяidiom — each country has its glory, each glade has its name
2 аат тыл #
Тыа тулалаах ыраас сир, хонуу (үксүгэр оттонор ходуһалаах, ортотугар күөллээх)
Нууччалыы Алас, чистое поле или луг, окруженное лесом; чистая поляна среди леса, поле или луг, окруженные лесом (обычно с озерком посередине)
Алаас саҕата. Алаас ыала. Былыр сахалар алаастарга тарҕанан олороллоро. Дойду сурахтаах, алаас ааттаах (өс хоһ.). Икки улуу алаас икки ардыгар, тыа быыһынааҕы чоҥолох толооннорго, быллаардар быыстарыгар уонча дьадаҥы ыал бытарыһан олорор. Амма Аччыгыйа Халлаан ыраас бэйэтэ лүҥкүрэн, үрдүк бэйэтэ намтаан, алааһы иилиир хара тыа үрдүгэр быардыы түһүөх көрүҥнэннэ. Софр Данилов
3 аат тыл #
геогр. Ирбэт тоҥ мууһа ирэн, сир сиҥниититтэн үөскээбит намыһах сир, хотоол
Нууччалыы Аласы, плоские понижения в районах распространения многолетнемерзлых горных пород, образующиеся в результате протаивания и просадки грунта
4 этии #
Алааһыттан арахпатах, тиэргэниттэн тэйбэтэх - ханна да сылдьыбатах, тугу да көрбөтөх-билбэтэх, муҥутах (былыргы түҥкэтэх патриархальнай олох туһунан) Алааһыттан арахпатах, тиэргэниттэн тэйбэтэх, Өтөҕүттэн өҥнүбэтэх [саха дьахтара]. Өксөкүлээх Өлөксөй. “Алааһыттан арахпатах, тиэргэниттэн тэйбэтэх” дэттэрэр этибит буолбаат биһиги, сахалар. Ф. Софронов.
Нууччалыы С (родной) поляны не отходил, из двора не удалялся, т. е. никуда не ездил, ничего не видел - отсталый, неразвитый (о старинной замкнутой патриархальной жизни)
Этиилэр
Биһиги да алааспытыгар күн тыгыаҕа көр биһиги да алааспытыгар өтөн үөтүө
[Күлүк:] Биһиги да алааспытыгар былыт быыһынан күн тыгыаҕа. А. Софронов. Биһиги да алааспытыгар өтөн үөтүө (кэҕэ этиэ, күөрэгэй ыллыа) - биһиги да олохпут тупсуоҕа (үтүө олох кэлэригэр бигэ эрэл туһунан).
И на нашей поляне голубь заворкует, кукушка закукует, жаворонок запоет (о лучшем будущем для дореволюционных бедняков, соотв.
: и на нашей улице будет праздник)
5 этии #
Нууччалыы Небольшая круглая поляна, примыкающая к большой
Этиилэр
Оҥхой алаас көр оҥкучах алаас
Оҥхой курдук алаастар үрдүлэригэр эргэ, сиҥнэн эрэр эбэтэр сиҥнэн бүппүт былыргы өтөхтөр олорчу симэлийиэхтэрэ. В. Гаврильева. Сыҥаһа алаас - уһун ньолбоҕор көрүҥнээх, икки өттүнэн үрдүк сыырдаах алаас.
Поляна длинной продолговатой формы, имеющий с двух сторон возвышенности (в отличие от обычных, круглых).
Сыалыһар балык быарынан Сыыллан сытарын курдук Сыҥаһа алаастар Сындыыстардаах эбит. Нор. ырыаһ. Бу айаннаан күн күнүскү аҥаар буолуутугар ыҥырыылаах дьиэлэригэр, Сыҥаһа диэн алааска тиийдэ. Эрилик Эристиин Тыымпы алаас - биэрэгэ суох, тыаҕа анньан турар толору уулаах, күөллээх, аҥаар өттүгэр эрэ кыра хонуулаах тыа иһигэр сытар алаас. Небольшая поляна в лесу с полноводным озером без берегов. Тыаһаабат уулаах тыымпы алааспын хоһуйарбар буолан, күнү-ыйы мээнэ ыыттым. Н. Неустроев
Өссө холобурдар (2)
Чоҥкучах алаас - тыа иһигэр сытар, үрдүк, туруору сыырдаах алаас. Находящаяся в глухом лесу котловина. Мин тыаны ахтыбыт да буолуохпун сатаммат; хайа, төрөөбүт сирим тыа быыһа, чоҥкучах алаас буоллаҕа дии.
Суорун ОмоллоонЧоҥолох алаас - үрдүк сыырдаах, төгүрүк кыараҕас алаас. Маленькая, совершенная круглая поляна, окаймленная крутыми возвышениями, круглая, довольно глубокая котловина. Муммут уоллаах кыысчаан -- Балаҕаннаах чоҥолох алаас Саҕатыгар кэлэн тохтоотулар. Эрчимэн. Дьонноох, ыаллаах сайылыктар. Чоҥолох-чоҥолох алаастар, Кэккэлии көҕөрөр сыһыылар, Кэрии, тумул, арыы тыалар. Дьуон Дьаҥылы