ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киистэ

аат тыл

Нууччалыы кисть

English paintbrush

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Кыл, түү сүүмэҕэ синньигэс ук төбөтүгэр дьөрбөлүү баайыллыбыта (тугу эмэ уруһууйдуурга, кыраасканан, лааҕынан соторго тут-лар)

Нууччалыы Кисть (для рисования, малярная)

  • Аянитов -- киистэтин уһугар тус-туспа кырааскалары биһэн ыла-ыла булкуйбахтаата. Софр. Данилов. Ханна эмит баран кэллэҕинэ, кэһиитин үчүгэй кырааска, киистэ аҕалара
    Н. Лугинов

2 аат тыл #

Сабы, чараас тирии, сарыы кырадаһынын, сиэли холбуу тутан, үөһэнэн бобо баайан оҥоһуллар киэргэл

Нууччалыы Бахрома, кисть (украшение)

  • Киистэлээх нагаайка кымньыыны уҥа илиитин бэгэччэгэр иилиммит -- киһи бараах аанын тэлэйэн, иһирдьэ көтөн түһэр.
    Н. Якутскай
  • Сэттэ сиринэн киистэлээх Ситии дьүккэ саламаны Уһаты ыйаан кэбиспиттэр.
    С. Зверев
  • Маҥан, хара сиэли холбоон хас да киистэ оҥороннор, киистэлэр төрдүлэригэр эҥин араас дьүһүннээх оҕуруолары -- хам тигэн киэргэтэллэр
    ПСН УТС

3 аат тыл #

Бурдукка уонна сорох оттор төбөлөрүгэр баар кыл курдук уһун синньигэс утахтар

Нууччалыы Ость на колосе у злаков и у некоторых трав. Үрүйэтэ -- таҥнары куоҕаспыт хойуу киистэлээх уһун дороххой от кытыллардаах -- маар сир буолан барда

  • Аһыҥаттан орпут бурдук тобоҕун биһиги, оҕолор, биирдии киистэнэн хомуйарбыт.
    Далан
  • Бурдук, будьуруйа буһан, кыһыл көмүс кырымахтаах киистэтинэн күн анныгар көөчүктэннэ
    М. Доҕордуурап

4 аат тыл #

бот. Сорох үүнээйигэ баар биир сиртэн үүнэн тахсыбыт бөлөх сибэккилэр; маннык сибэкки аһа

Нууччалыы Разветвленное соцветие, кисть, гроздь. [Гречиха] сибэккилэрэ киистэ дэнээччи бөлөх сибэккилэри үөскэтэллэр

  • ХКА. Үүнээйиттэн бастакы сибэккилээх киистэтин анныгар баар -- хоннох лабааларын үргээн ылыллыахтаах. КЮС ОАҮүА. Тыраахтар бүтүннүү рябина буспут киистэлэринэн киэргэтиллибит этэ. Г. Николаева (тылб.)

5 аат тыл #

Кыыс кэтэҕэр быанан баайыллар, суһуоҕун устун субуруччу түһэр, бэйэ-бэйэтигэр икки-үс эрээт оҕуруонан тиһиллибит, үксүгэр үс кэккэ чараас тимир киэргэл (төбөтүгэр кыра төкүнүк тимиргэ уһун сап салбырҕас баайыллар)

Нууччалыы Косоплетка (украшение девичьих кос из трапециевидных металлических пластин, к-рые прицепляются подвесками из бисера

  • На конце прикрепляются полукруглые металлические чашечки с кистями из ниток. Косоплетка привязывается тесемкой под затылком). Кыыс оҕо барахсан аҕыс салаалаах өрүүлээх суһуоҕа аҕараабат-айгыраабат киистэтинэн оонньоото.
    П. Ойуунускай
  • Уһун, хойуу суһуоҕун киистэлэрэ синньигэс биилигэр тиийэ сыыйыллан түспүттэр.
    Н. Заболоцкай
  • [Кыргыттар] кэннилэригэр салбырҕастаах суһуох киистэлэрэ намылыһа субуспуттар
    К. Уткин

6 аат тыл #

зоол. Сорох кыыл кулгааҕар (хол., бэдэргэ, тииҥҥэ) биир сиртэн чөмөхтүү үүнэн тахсыбыт уһун түү

Нууччалыы Пучок длинных волос на ушах некоторых зверей (напр., у росомахи, белки)

  • Уһуктаах кулгаахтаах, кулгааҕыгар хара киистэлэрдээх, мытыгыр сирэйдээх кыыл аргыый аҕай тыаһа суох быган кэлбитэ.
    Далан
  • Өлөрөн бараҥҥын уоскуйан, Бултаабыт булкунан дуоһуйан, Кылаанын кылбата имэрийэҕин, Киистэтин кэрэтик тэрэтэҕин.
    П. Тобуруокап
  • Тииҥ түүтэ-өҥө сиппитин кулгааҕын киистэтэ төһө сиппититтэн көрөн билэллэр. Булчуттарга к

7 аат тыл #

үрд. Мутукча; мас тыллыбыт, көҕөрбүт лабаата

Нууччалыы Свежая лиственничная хвоя; распустившаяся зелень дерева

  • Кэҥкэмэлээх киҥкил хара тыа, Киис кыыл кутуругун Кэдирги туппут курдук, Киистэ анньан киэркэйдэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Мутук, лабаа иилиннэ Мотуок солко киистэтин.
    С. Васильев
  • Тиит лабаалара ыараан намылыспыттар, күөх киистэлэрэ көп түүлээх бытырыыс курдуктар
    Н. Түгүнүүрэп

8 этии #

Киистэ лапчааннаахтар (киистэ лапчааннаах балыктар) зоол. - муораҕа уонна тууһа суох ууга үөскээн сылдьыбыт балык этэрээтэ (билигин Африка биэрэгэр соҕотох балык - латимерия - ордон хаалбыт) Бары атын киистэ лапчааннаахтар сэттэ уон-сүүс мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр өлөн бараммыттара. ББЕ З. Киистэ лапчааннаах балыктар пааралыы лапчааннарын дьардьаматын уонна быччыҥнарын оҥоһуулара сир үрдүнээҕи тоноҕостоох харамайдар атахтарын оҥоһуутугар олус маарынныыллар. ББЕ З

Нууччалыы Кистеперые (рыбы)

«К» буукуба