ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киис

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы соболь.

English sable

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Азия хоту өттүгэр ууһуур, күрэҥниҥи хара өҥнөөх, кылгас соҕус атахтаах, олус сымса, кылааннаах күндү түүтүн иһин бултанар сиэмэх кыыл

Нууччалыы Соболь. Саха сааһыта -- хара тыаттан биир кииһи бултаатаҕына, атыыһыкка иэһигэр биэрэрэ. Суорун Омоллоон. Киис бултаабыттарын сарсыныгар оҕонньордоох табыллыбатылар: хас да көстөөх сири халтай хаамтылар. Л. Попов. Мин хапкааммар биир киис киирбэт, хаста да суола кэлэ сырытта -- уонна ааһа турар. В. Протодьяконов

2 даҕааһын #

суолт. Имитиллибит киис тириититтэн тигиллибит, киистэн оҥоһуллубут

Нууччалыы Сшитый из собольих шкурок, изготовленный из соболей

  • Хайҕамсык Хара-хаан тойон уола хара киис саҕыйахтаах Хаардьыт Бэргэн тыатыгар бултуу барбыт.
    Д. Софронов
  • Үс үөстээх дьэрэкээн кустугу Киис кэлин кэбиһэр оҥостор.
    И. Чаҕылҕан
  • Тюрк. киш

3 этии #

Нууччалыы Одевать в дорогие меха, холить, лелеять

  • Киискэ кистээ фольк. - күндү түүлээҕинэн маанытык таҥыннар, олус маанылаан көр-иһит Кинилэр диэтэх дьон, Киискэ кистээн ииппит -- Туйаарыма Куо диэн кыыстаахтар эбит.
    П. Ойуунускай
  • Киискэ кистиэм, Көмүскэ көмүөм.
    Суорун Омоллоон
  • [Дьахтары] Килбиэн күн киртитиэ диэн Киискэ кистииллэрэ үһү.
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (3)
  • Киһи кииһэ - дьонтон ураты үчүгэй, хорсун, эрдээх киһи. Θ Лучший из людей, отважный, смелый. Сата уот салыыр күнүгэр -- Киһи кииһэ буоларбыт.
    С. Тарасов
  • Ол саха уола киһи кииһэ буолуохтаах.
    В. Протодьяконов
  • Биһиги холкуоспутугар баарыҥ устатыгар, эн киһи киэнэ кииһэ этиҥ. Г. Николаева (тылб.)

4 этии #

Нууччалыы Отборный по красоте меха соболь. [Кыыһы] Буобура киэнэ муҥутуурунан, киис киэнэ киргиллээҕинэн талан туран таҥыннардылар

Этиилэр

Киис аһылыга көр киис отоно

Киис аһылыга -- киһи иһэ ыарыйдаҕына баайар свойстволаах. МАА ССЭҮү. Киис киэнэ киргиллээҕэ фольк. - ордук кылааннаах, күндү түүлээх киис Ньургун Боотур. [Дьахтар киһи] Киис киэнэ киргиллээҕэ Таҥаһа-саба барыта Биирдэ уһулла биэрэн, Килиэ тимир куйахтаах Киһи буола түстэ. ТТИГ КХКК. Киис кутуруга бот. - нэчимиэннии кылыстаах, кылгас умнастаах, өтөххө, бааһынаҕа үүнэр элбэх сыллаах сыыс от.

Ячмень гривастый, дикий ячмень.

  • Сибилигин аҕай уу-чуумпу турбут киис кутуруга оттоох тиэргэн иһэ үөрбүт-көппүт чыычаах оҕолорун көхтөөх саҥаларынан туола түстэ.
    В. Иванов
  • [Тураҥнаах сиргэ] аҥыр өлөҥө, бэттиэмэ уонна киис кутуруга үүнүөхтэрин сөп. СС СС. Киис отоно бот. - сииктээх ойуурга, маарга, туундараҕа үүнэр, бытархай хара отонноох, сэппэрээктиҥи үүнээйи. Шикша сибирская (водяника). [Киичэрэ] Саха сиригэр үүнэр үс көрүҥүттэн дьон билэрэ - киис отоно. ИВС ЭТТ. Киис өлбүгэ эргэр. - былыр сири туһанар иһин кииһинэн төлөнөр нолуок, түһээн (нолуоктартан саамай улаханнара). Подать (тягло) за пользование землей, вносимая соболями (самый высокий налог). // Киис өлбүгэни төлүүр дьиэ кэргэҥҥэ тиксэр өлүү ходуһа (сир саамай бастыҥа, киэҥэ). Земельный надел, выделяемый в пользование за соболиный ясак (самый обширный надел). Нууччалар аан бастаан сахаларга киис өлбүгэни түһэрбит кэмнэрэ эбит. Багдарыын Сүлбэ. Киис тиҥилэҕэ бот. - сир үрдүнэн сыылан үүнэр, кыһыл сибэккилээх, бустаҕына быдьырыттаҕас кыһыл отонноох сир аһа. Княженика. Саха Сиригэр араас абыраллаах от-мас, отон үгүс да үүнэр ээ: хаптаҕас, киис тиҥилэҕэ.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
  • Сууйуллубут киис тиҥилэҕин -- оргуйа турар уунан саба кутуллар. ФВН ТС. Хара киис - хараҥа өҥнөөх, ордук сыаналаах түүлээх киис. Соболь с особо ценным темным мехом. Хара киис талба түүтүнэн Халлаан аргыый сабылынна.
    П. Тобуруокап
  • Икки хара киис атахтаһан сыппытын курдук хаастаах -- үчүгэй оҕо буолан олорор. Д. Софронов

«К» буукуба