Перевод с якутского
сүүмэх
аат тыл
Нууччалыы пучок
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Туох эмэ утах курдук уһун, синньигэс, бэйэ-бэйэтин кытта холбоспута, холбуу тутуллубута (хол., кыл, баттах, о. д. а.)
Нууччалыы Пучок (напр., волос)
Марфа Митрофановна сүүһүгэр саба түспүт чачархай баттаҕын сүүмэхтэрин хатыҥыр тарбахтарынан силэйэ анньан көннөрүнэ оҕуста. П. Филиппов Ойуун ону [сылгы сиэлин] ылан, түөрт сүүмэх гынан баран, үс сиргэ уокка бырахта, биир сүүмэҕин илиитигэр тутан олорон үстэ-хаста иһиирдэ, дьааһыйда.
КүндэЧаҕыл Иванович субуулаах оттон биир сүүмэҕи ылан муннугар даҕайда С. Никифоров
2 аат тыл #
Биир салааҕа хойуутук үүммүт отоннор (хол., моонньоҕон, виноград)
Нууччалыы Кисть, гроздь (напр., ягод, винограда)
Моонньоҕон сүүмэҕэ. Виноград сүүмэҕэ. Сэнтимиэтир кэриҥэ уһуннаах, кораллыҥы кыһыл өҥнөөх отоннор биирдии сүүмэхтэргэ биэс уончаҕа тиийэ холбуу үүнэллэр. ДьДьДь. Ньургустаана өтөх саҕатыгар хаптаҕас хойуу үүнүүтүгэр түбэһэн, виноградтыы сүүмэҕин аҕалан, таптаан сиэн, амтаһыйа олордо В. Протодьяконов
3 аат тыл #
Сырдык сардаҥата
Нууччалыы Пучок лучей света
Күн көмүс сүүмэхтэрин түһэрэр. И. Федосеев Тахсар күн маҥнайгы чаҕыла Куорат куба ньууруттан тайанар, Үрдүк таас дьиэлэртэн саҕыллан Сардаҥа сүүмэҕэ ыһыллар. М. Ефимов Үрүҥ көмүс сүүмэх Уҥа түннүгүнэн сыыйыллар. Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
Ср. туркм. сүйүм ‘волокно’
4 аат тыл #
Аһыйбыт үүт убаҕаһын сүүрдүбүт кэннэ хаалар хойуута
Нууччалыы Гуща прокисшего молока, остающаяся после процеживания
Суораты кыл сиидэҕэ кутан уутун сүүрдэллэр. Оччоҕо суорат хойуута, сүүмэҕэ хаалар. "Чолбон". Сүүмэҕи, иэдьэгэйи уутун өр сүүрдэн, хатаран, хаптатан, астыылларыттан көрдөххө, дьиэтээҕи сыыры оҥороллор эбит. КЕФ СТАҮө. Ср. хак. сүүмек ‘мешочек, мешочек для процеживания творожистой массы’, ДТС сүҕмэ ‘вид творога’, туркм. сүҕмэ, уйг. сүҕмэ ‘сюзьма (процеженное кислое молоко)’