ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньоҕох

аат тыл

Нууччалыы густой отстой, негодная гуща какой-л. жидкости; жидкая грязь. [Тайыла ата] өрөҕөтө, ойоҕоһо ньоҕоххо буккуллан, соноҕоһо хайдах эрэ куччаата, дьүдьэхсийдэ

1 аат тыл #

Туох эмэ убаҕас иһит түгэҕэр сөҥмүтэ; убаҕас бадараан, кир

Нууччалыы Густой отстой, негодная гуща какой-л. жидкости; жидкая грязь. [Тайыла ата] өрөҕөтө, ойоҕоһо ньоҕоххо буккуллан, соноҕоһо хайдах эрэ куччаата, дьүдьэхсийдэ

  • Үөрэтин үөрүүнэн аһыыра, Ол этэ аналлаах аһа диэн. Кытыйа ньоҕоҕун салыыра - Бүтэрэ ол курдук аһаан-сиэн.
    Эрилик Эристиин
  • Сөбүн эдэр сааһым хотон ньоҕоҕор баранна.
    П. Аввакумов
  • Симиир түгэҕэр сайыны быһа мунньустубут хойуу ньоҕох хаалара, ону ылан хатаран сааска диэри уураллара.
    ФВН ТС

2 аат тыл #

Кимиэхэ эмэ үчүгэйи баҕарбат, искэ кистэнэ, сөҥө сылдьар өһүөн

Нууччалыы Скрытая в душе недоброжелательность и мстительность к кому-л.; злоба

  • Адьас ис ньоҕоҕо, кирдээх хос түгэҕэ суох, утарынан ыраас да, чиэһинэй да кэпсэтии! Үчүгэй да баҕайы!
    Н. Лугинов
  • Кини доҕотторо көнө сүрэхтээх, дьэллэм майгылаах дьон, кинилэргэ кэтэх санаа ньоҕоҕо ханан да сыстыбатах.
    А. Фёдоров
  • Ардыгар сымыйаны кырдьык курдук көрөн, ньоҕоҕу хостоһуу үчүгэйдик да олоруох дьону аймыыр
    М. Попов

«НЬ» буукуба