Перевод с якутского
өһүөмньү
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы мстительность, враждебность, мстительная злоба
1 аат тыл #
Өһү ситиһии, өһү ситэр санаа, хара санаа
Нууччалыы Мстительность, враждебность, мстительная злоба
Өстөөх өһүөмньүтүттэн дуу, биитэр дьалаҕай муҥуттан дуу тахсар ити алдьархайдара Аласов мунньар, хомуйар үлэтин тохтоппотохторо. Н. Заболоцкай Иккиэннэрин өһө-сааһа, өһүөмньүлэрэ быдан ырааппыт эбит. А. Сыромятникова "Тоҕо да мөккүстүҥ? – дэһэ көрүстүлэр. - Хаһан кини иннин ылаары. Өһүөмньүтэ бөҕө... Кэлин сордуура буолуо"
Н. Лугинов
2 даҕааһын #
суолт. Өһүөннээх, хара санаалаах, өһү ситиһэр санаалаах
Нууччалыы Мстительный, злобный
Биһиэхэ олор, уоппутун оттон биэриэҥ. Биһиги өһүөмньү санаата суохпут. И. Гоголев Эһи долгуйан хараастан Аахпыккыт буолуо хаһыаттан Абарыы, өһүөмньү суругун - Аһыылаах ийэ суругун. Баал Хабырыыс Эмээхсин абылыыр идэлээх эбит, ол эрээри кини өһүөмньү санаата суоҕа. Х. Андерсен (тылб.)