Перевод с якутского
тэнигир
даҕааһын
Нууччалыы широкий, широко развёрнутый
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Көмнөх хаары саба бүрүммүт мастар күөх мутукчанан, тэнигир сэбирдэҕинэн наскылдьыйа хамсаабыт курдуктар. Амма Аччыгыйа [Сур соноҕос] таныыта тэнигир эбит этэ ХС
2 даҕааһын #
Тэниччи тардыллыбыт
Нууччалыы Широкий, широко развёрнутый
3 даҕааһын #
Киэҥ соҕус сиргэ тэнийбит, кэтит иэннээх
Нууччалыы Имеющий большое протяжение, охватывающий большое пространство, широкий, просторный, обширный
Хантайан тэнигир тунал халлааны өөр-өр одуулаһабын. Н. Габышев Үүтээн иһэ кыараҕас, -- таһыттан көрдөххө эрэ, тэнигир. А. Сыромятникова Тиийдибит аатырар Киэҥ эбэ Тэнигир, килэгир күөлүгэр И. Сысолятин
4 даҕааһын #
Киэҥ, тэнийбит
Нууччалыы Имеющий широкое значение, развёрнутый
"Чэ" диэн тэнигир суолталаах тыл. Амма Аччыгыйа Арыый өй-санаа тэнигирэ буоллар, аҕатын, ааттаах мас ууһун, куоракка киллэрдэҕинэ олоруо, айаҕын булуо суох этэ дуо? А. Сыромятникова
5 даҕааһын #
Кыра аайы кыыһырбат, уолуйбат, холку, биир тэҥ майгылаах
Нууччалыы Очень спокойный, уравновешенный
Михаил Сергеевич биир кэм тэнигир, эйэҕэс майгыннааҕа. Далан [Лааһар] үөрбүтэ-хомойбута биллибэтэҕэ. Кини уруккутун курдук тэнигир этэ. ХС Ср. п. -монг. тэнигир ‘пребывающий в спокойствии’