Перевод с якутского
намыын
даҕааһын
Нууччалыы спокойный; уравновешенный; тихий
English calm, balanced, quiet
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Нууччалыы спокойный; уравновешенный; тихий
English calm, balanced, quiet
намыын киһи уравновешенный человекa balanced person намыын саҥа тихая речьquiet speech
2 даҕааһын #
Нууччалыы спокойный; мирный
English calm, peaceful
намыын ырыа мирная песняa peaceful song
3 даҕааһын #
даҕ
Дьөгүөр оҕонньор, бэйэтэ сүрдээх көнө, ойоҕун тылыттан тахсыбат намыын оҕонньор этэ. И. Никифоров [Сытыары киһи] Намыын, холку Дьүһүнүн курдук, бытаан саҥалаах, Бэйэтин олорор да олоҕо Ол курдук уу чуумпу айаннаах. Л. Попов Санаан көрдөххө, кини аҕалаах ийэтэ олус сэмэй, намыын дьон Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
поэт. Нарын, намчы көстүүлээх (от-мас туһунан). Θ Нежный, тонкий, изящный, прекрасный на вид (о растениях). Бөлүүн маҥнайгы хаһыҥ Соһуччу бытарытта Чараҥҥа намыын хатыҥ Сэбирдэҕин саһарта. И. Эртюков Кийиит курдук симэнэн Кэрэ намыын уол үөттэр Көлүччэҕэ нөрүһэн Күлүктэрин көрбүттэр. Чэчир 1968
4 даҕааһын #
Мээнэ өрүкүнэйбэт, холку, сэмэй (киһини этэргэ)
Нууччалыы Спокойный, смирный, уравновешенный (о человеке)
5 даҕааһын #
Наҕыл, холку (саҥа, куолас туһунан)
Нууччалыы Тихий, спокойный, мягкий (о голосе, речи)
Дьаакыбылап кулуба тоҕо эрэ уорба баҕайы намыын куолаһынан саҥаран барар. Н. Якутскай Доҕоро бэркэ уйадыйбыт быһыытын билэн, Николай Гаврилович киһитин уоскутардыы, оргууй намыын куолаһынан саҥаран унаарытта. П. Филиппов Кыыс ис киирбэх, бэрт намыын саҥалаах, ону ааһан олус холкутук туттар С. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
Наҕыллык иһиллэр, холку, нарын (ырыа, муус. туһунан). Θ Спокойный, тихий, нежный (о музыке, песне). Истибитим мин ол сытан Уля кыыс намыын ырыатын Утуйар да, уһуктар да кыаҕа суох этим ол сытан, Ол эрээри кыыс ырыата өйбөр, санаабар хаалбыта. С. Данилов Сахалыы намыын ырыа дорҕоонноро сүрэҕи ортотунан сайа көтөн киирдилэр.
Н. ЛугиновМуусука намыын дорҕоонноро салгыҥҥа халыйдылар Л. Попов
6 даҕааһын #
Чуумпу, ыраас, тыала-кууһа суох (күн-дьыл туһунан)
Нууччалыы Тихий, спокойный, безветренный (о погоде)
Атырдьах ыйын бүтүүтүнээҕи намыын киэһэлэртэн биирдэстэрэ сатыылаабыта. Далан Кыһын тыына биллибитэ ыраатта, тымныытык тыыныталаан ылар этэ. Оттон бүгүн олус намыын итии буолан хаалбыт. А. Сыромятникова Муус устар ыйдыы намыын Мүлүүн күннэрим үүннүлэр Р. Баҕатаайыскай