ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

наҕыл

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы спокойный; неспешный; тихий

English calm, leisurely, quiet, relaxed, unhurried

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

Нууччалыы спокойный; неспешный; тихий

English calm, leisurely, quiet, relaxed, unhurried

  • наҕыл киһи
    спокойный человекa calm person
  • наҕыл ырыа
    тихая песняa quiet song

2 даҕааһын #

Тиэтэйбэт, биир кэм холку майгылаах, холку

Нууччалыы Спокойный, неторопливый (о характере человека)

  • Наҕыл киһи.
  • Кини аҕыйах саҥалаах, наҕыл, көрсүө, ол курдук иһиттэн ис киирбэх киһи этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Наҕыл дьон, кыыһырдахтарына тугу да билбэт буола кыыһыраллар
    Г. Угаров

3 даҕааһын #

Тиэтэлэ суох холкутук буолар, оҥоһуллар, бытаан

Нууччалыы Медленный, неспешный, происходящий длительно, спокойный (напр., о течении реки)

  • Иккиэн туох эрэ наадалааҕы кэпсэтэ-кэпсэтэ, наҕыл баҕайытык табахтаатылар.
    А. Софронов
  • Дьэ бу мин иннибэр наҕыл сүүрүктээх уһун синньигэс Ытык күөл, -- аа-дьуо килбэһийэ сыттаҕа.
    А. Бэрияк
  • Наҕыл, итии ардах түһэн бырылатар
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Мин бүгүн бу манна тураммын Наҕылы олус да суохтаатым.
    С. Данилов
  • Миитэрэй аны олус наҕылыгар түстэ.
    Н. Заболоцкай
  • Мин наҕылбыттан кини хайдах эрэ бөҕөхсүйэр, кэпсээммин истиэҕэ диэн эрэнэр быһыылаах.
    М. Доҕордуурап
  • Киһи ити үлүгэргэ ыксыах да курдуга, оттон кини наҕыла киирбитэ сүрдээх
    П. Филиппов

4 даҕааһын #

Симиктик, намыыннык иһиллэр (куолас, тыас туһунан)

Нууччалыы Тихий, нежный, слабо звучащий (о голосе, звуке)

  • Кэтириис эмээхсин кэрэ, наҕыл куолаһынан лыҥкынатан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Наҕыл хомус тыаһын курдук Нуурал киэһэ наскыйда.
    И. Гоголев
  • Мыычаар оҕонньор да олоҕун туһунан кэпсээнэ онно сөп түбэһиннэрбиттии наҕыл, хайдах эрэ сибигинэйэ быластаан иһиллэргэ дылы гынар
    Н. Тобуруокап

5 даҕааһын #

Нус бааччы, нуурал

Нууччалыы Безмятежный, спокойный, тихий (вечер, день)

  • Бу наҕыл чуумпу киэһэ дьикти ырыа кэрэкий тылларыныы миигин кууспут.
    Далан
  • Иван уус хоһоон таһааран сайыҥҥы наҕыл киэһэ чуумпу салгынын сатарытан барда.
    М. Доҕордуурап
  • Муус устар ый ичигэс наҕыл күннэрэ
    Дьүөгэ Ааныстыырап

6 аат тыл #

суолт. Холку, нус-хас быһыы, тиэтэйбэт буолуу

Нууччалыы Состояние покоя, спокойствия, неторопливости

«Н» буукуба