Перевод с якутского
уолусхан
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы горячий, вспыльчивый, ретивый
1 даҕааһын #
Санаабычча быһыыланар-майгыланар, ыгым, уолҕамчы
Нууччалыы Горячий, вспыльчивый, ретивый
Уолусхан киһи диэмэ, Уоскут да айманар сүрэхпин. Л. Попов Ханнык да хойоҕо, хом санаата суох истиҥ мичээр уолусхан Диманы төбөтүттэн имэрийэргэ дылы. С. Федотов [Василий] уолусхан, кыатаммыт бэйэтэ ыар, быһаарыылаах мүнүүтэлэргэ эмискэ наһаа холкутуйар, өйө-санаата кэҥиир, дьэҥкэрэр үгэстээҕэ Г. Николаева (тылб.)
2 даҕааһын #
Киһини уолутар, соһутар, олус кутталлаах
Нууччалыы Вызывающий растерянность, оторопь, очень опасный
Уонунан этиҥнэр Охсулларын санатар Уолусхан сата тыаһым Улам-улам -- Оччоото, Намыраата. П. Тобуруокап Уолусхан айаннаах уу аала, Таҥнары устаҥҥын дагдаһый! Күннүк Уурастыырап Уу күүһэ уоттааҕар даҕаны Уолусхан буолар – дэһэллэр Эллэй
Өссө холобурдар (3)
Ханна да барар-кэлэр сирэ суох, дьон уопсай уолусхана буолар. Болот Боотур Улахан уолусхан, айдааннаах алдьархай буолбут. И. Данилов Колчак дьонун хаппыт түрүбүөгэ уонна аймалҕан, сотору буолаат, дьиҥнээх уолусхаҥҥа кубулуйбута СБТТ
3 аат тыл #
суолт. Киһи уолуйар-соһуйар быһыыта-майгыта
Нууччалыы Неудержимый страх, охватывающий сразу многих, паника