Перевод с якутского
уһаа-кэҥээ
туохтуур
Нууччалыы постепенно удлиняться, становиться шире
1 туохтуур #
Улам уһаан, кэтирээн, кэҥээн бар
Нууччалыы Постепенно удлиняться, становиться шире
Сэттэ уон үрэх сиэлэн-хааман дьигиһийэн киирэн уһаан-кэҥээн, сир ийэ буолан сириэдийбит эбит. Ньургун Боотур. Кэрэ кэлим түһүлгэбит Уһаан-кэҥээн истин, Налыы, дабаан аайыттан Нарын, наскыл налыйдын! С. Зверев Туруйалаах хочото, онон-манан бүгүйэх буола-буола, уһаан-кэҥээн бара турар В. Протодьяконов
2 туохтуур #
Туохха эмэ тардыллан, өр буол; уһуннук буол, сырыт
Нууччалыы Задерживаться, затягиваться; долго длиться, становиться продолжительнее
Дууһа баһынан төлөнөр нолуогу түһэрбиттэрин этэн мөккүстүлэр, онон кэпсэтии уһаан-кэҥээн барар чинчилэннэ. Болот Боотур Биһиги Сенябыт ыксаатаҕына өссө бытаарар, ыгылыйдаҕына, дьэ, наҕылыгар түспүттүү, уһаан-кэҥээн хаалар дьиибэ кыдьыктаах.
Н. ЛугиновБу дьыаланы эрдэ, уһуу-кэҥии илигинэ, ирдэһиэххэ наада Кыым