ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

унньулуй

туохтуур

Нууччалыы быть чрезмерно удлинённым, растягиваться в длину, удлиняться

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Өрүөстээх төбөлөөх улахан ньирэй унньулуйан сытарын көрөн, Таня үөрдэ.
    М. Доҕордуурап
  • Өтүүнү эрийэ-буруйа соспут курдук унньулуйан сытар Ытык Күөл арыы тыа быыһынан онон-манан килбэһийэн, күн уотугар чаҕылыҥныы умайар.
    А. Бэрияк
  • Муҥха ийэтэ кумахха унньулуйа сытар. “
    ХС

2 туохтуур #

Уһаан, унньугур буолан көһүн

Нууччалыы Быть чрезмерно удлинённым, растягиваться в длину, удлиняться

3 туохтуур #

Сиргэ соһулла сылдьар курдук уһун буол (таҥнар таҥас туһунан)

Нууччалыы Тащиться по земле, по полу, волочиться (о верхней одежде)

  • Былаачыйа олус унньулуйбатар да, атын дьүөгэ кыргыттарын киэннэринээҕэр арыый уһун буолара. Софр. Данилов. Унньулуйбут хара сонноох, хара саал былааттаах эмээхситтэр субуруһаллар.
    И. Гоголев
  • Аҕам унньулуйбут баата сонун уонна сутука олооччуну анньынаат ыстанабын.
    КИ

«У» буукуба