ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһаа

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы становиться длиннее, удлиняться

Ис хоһооно · 7
I

1 туохтуур #

Уруккугунааҕар устаҕынан ул аат

Нууччалыы Становиться длиннее, удлиняться

  • Саҥа уһаан эрэр күөх от, оҕус тыынарын абааһы көрөн аһарар курдук, үрэл-үрэл гынан биэрэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сыарҕа суола быыстала суох сыыйыллан, уһаан истэ.
    М. Доҕордуурап
  • Онно күөх да күөх иирэлэр Уһуу, нуоҕайа үүнэллэр. Итиэннэ ырыа чыычаахтар Эргиччи өрүү элбэхтэр
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (1)
  • Биир дорҕоонунан эбиллэн биэр (аһаҕас дорҕоону этэргэ). Θ Удлиняться (о гласном звуке). Аһаҕас дорҕоон уһаатаҕына, тыл суолтата уларыйар эбит диэн түмүккэ кэлэллэр. КИИ МКТТҮө. Аһаҕас дорҕоон уһаатаҕына уонна дьуптуонунан солбуйдахха, олох атын тыллар тахсаллар
    КИИ СТ-

2 туохтуур #

Уһуннук, өр кэмҥэ буол, бар

Нууччалыы Становиться продолжительнее, тянуться (напр., о времени)

  • Никиитэ туһугар үс ый үс сыл курдук уһаан, хаһан да буолбатах салгымтыалаах сайын ааспыта.
    Н. Лугинов
  • Кэпсэтии улам кэҥээн, уһаан, субу сибилигин тирээн турар боппуруоска хабааннаах буолан истэ.
    В. Протодьяконов
  • Өймөкөөҥҥө кыһын уһуура биллэр сир, ол да буоллар, быйыл манна саас олус хойутаата
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Ханна эмэ уһуннук сырыт; өр буол, тардылын (киһини этэргэ)

Нууччалыы Находиться где-л. долго; задержаться (о человеке)

  • Ньукуу атыыһыт уонна Бэдэр Харах кинилэр үүтээннэригэр уһаабыттара.
    И. Гоголев
  • Суоппуйа уһаабат, сотору кэлэр уонна кырбас-кырбас буспут уҥуохтаах ынах этэ аҕалбытыттан бэрсэр.
    С. Маисов
  • Сайын мин туох эрэ наадаҕа кэлэн, Дьокуускайга уһаабытым
    Венера

4 туохтуур #

Өссө да уһуннук олор (үксүгэр буолб. ф. -ҕа тут-лар)

Нууччалыы Ещё пожить, продержаться (обычно употр. в отриц. ф.)

  • Арай, кыыһа кэлэригэр тиийбит буоллун! Төһө эрэ үөрэр, дьоллонор этэ, баҕар, биир эмэ сыл уһуо эбитэ буолуо.
    М. Попов
  • Оҕонньор эрэйдээх, оронугар сытыарбыттарын кэннэ уһаабатаҕа.
    С. Маисов
  • Оо, оҕонньор эрэйдээх бииргэ кырдьыбыт доҕоруттан хаалан уһаабатах
    НТП ТББ

5 этии #

Нууччалыы Иметь потомство

Этиилэр

Буруота уһаабыт

төрүккүн-уускун салгыыр кэнчээри, кэнэҕэски ыччаттан Кытаат, биэбэкэм, бука диэн кыһан, сатаатар оҕолорум буруолара уһаатын.

  • М. Доҕордуурап.

Илиитэ уһаабыт көр илии

  • "Баҕар, илиим уһаатаҕына, соҕотохто кур түү курдук анньан кэбистэхпинэ – ыт курдук өлөн хааллаҕына, туһам туох буолуой?" – дии санаата. Ньургун Боотур. Эн холбос, биһигинэ суох ыттыы өлүөҥ, бассабыыктар илиилэрэ уһаан турар.
    И. Никифоров
  • Кэннэ уһаабыт (ырааппыт), иннэ кылгаабыт (чугаһаабыт) – иннэ чугаһаан (кылгаан), кэннэ ыраатан (уһаан) диэн курдук (көр илин I). Кэннибит уһаан, иннибит кылгаан, Кырдьан бардыбыт диэмиэххэ.
    Баал Хабырыыс

Сонуҥ уһаа

тиийинэр-түгэнэр буол, байылыаттык олор, кыаҕыр.

Жить в достатке, становиться зажиточнее.

  • Суох, син биир үрүҥ күн үтүөтүн көрө иликпин, син биир сонум уһаабат, оһоҕоһум сонообот.
    Суорун Омоллоон

Тыына уһаата көр тыын II

  • Киһилэрэ онтон ыла тыына уһаан, үтүөрэн киирэн барбыт

6 этии #

Этиилэр

Күн уһаата (уһуур) көр күн

  • Ити аата, дьэ, күн уһаан, саас чугаһаан истэҕэ.
    Н. Лугинов
  • Саас күн ылаарыччы уһаан, дьиэ иһэ дьэҥкэрэ сырдаан, киһи көхсө-быара дьэгдьийиэх курдук буолан турар.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Сааһыары күн уһаан, халлаан дьэҥкэрбититтэн Амма хайалара туналыһан көстөллөр. М. Доҕордуурап
II

7 #

уһаа айах көр айах II. Лочугурас ойуулаах Уһаа айаҕы Уустуктаан субуруттулар. Өксөкүлээх Өлөксөй.

Этиилэр

Уһаа айах

маһын сааһа туруору гына хаһан оҥоһуллубут кымыс иһитэ.

  • СНЕ ӨОДь. Уохтаах кымыһы Ойуулаах удьаанан Уһаа айах аайы куттулар.
    ГНА ТС

«У» буукуба