Перевод с якутского
ыыра
сыһыат, тыл
Нууччалыы надвое, на две части; пополам
Ис хоһооно · 4
1 #
Хайдан икки аҥыы арахсан; икки аҥыы араара
Нууччалыы Надвое, на две части; пополам (напр., развалиться)
Таас икки аҥыы дьэллэс гынан, ыыра баран аһыллан хаалар.
Суорун ОмоллоонХалҕан ыыра ыстанан хаалла. Эрилик Эристиин Дойо уола бүтэй баҕанатын үөһээ үүтүгэр илиитин уган баран, ыыра тардан кэбиспит А. Бродников
2 этии #
Нууччалыы Внезапно громко заговорить, закричать, запеть
Этиилэр
Ыыра бар
эмискэ тэһэ баран, улаханнык ыһыытаа, саҥар, ыллаа Биэрэ кыысчаан хаһыытаан ыыра барар уонна уоһун сыыһын үмүрүтэн, эргиччи көрөр. С. Маисов. Мин испэр оҕонньорум тоҕо итинник кэпсээн ыыра бардаҕай диэн сэмэлии олорорум. Күрүлгэн. Ырыаһыт буолар баҕа санаам батарбакка, кыстык балаҕаммар тиийэн, ыллаан ыыра бардым. "Чолбон". Ыыра сытый сөбүлээб. – кими, тугу эмэ олох сөбүлээбэти, ылымматы биллэрэр этии.
Выражает неодобрение кого-чего-л.
Ыраахтааҕыгыт ыыра сытыйдын, сокуоҥҥут сууралыннын! Амма Аччыгыйа Мин күөгэйэр күммэр сылдьаммын, биирдэ ыалга хоно сытан, ыллаан ыыра сытыйбыттааҕым. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Ол туох айылааҕа ыалдьан ыыра сытыйар, нохоо? В. Гаврильева
3 этии #
Нууччалыы Якутская народная мера длины, равная расстоянию широкого шага
Ыыра баттыыр хаамыы кэпс. – лаппа киэҥ атыл саҕа уста кээмэйэ Буут сирэ диэн ааттаан, иккилии ыыра баттыыр хаамыынан түөрт уон саһаан усталаах тыаны мээрэйдээн солоторго кэпсэппитэ. Күннүк Уурастыырап Саам хайдах тэбэрин билээрибин, сүүс ыыра баттыыр хаамыылаах сиргэ сыал туруоран бараммын, ытан хабылыннарбытым. Р. Кулаковскай Сэмэн икки сүүс ыыра баттыыр хаамыы сиргэ уоннаах хаартыны туруоран баран, хараҕын аахтара түһэрбит этэ. "Чолбон". Ср. др. -тюрк. йар, ер, чар ‘раскалывать, рассекать’
4 #
ыан т. Этэр санааны араас дэгэттээн күүһүрдүүнү көрдөрөр (ончу, отой)
Нууччалыы Выражает эмоциональное усиление высказываемой мысли (абсолютно, совершенно)
Кини Туһаахаптыын уруурҕаһар туһунан өйүгэр ыыра оҕустарбат этэ. Софр. Данилов. [Баишев:] Ханна да барыам суоҕа, кими да ыыра биэриэм суоҕа! В. Яковлев Сирин, күн ыраахтааҕыга да үҥпүккүт иһин, бэрдэриэ суоҕа диэн ыыра эрэнэбин М. Доҕордуурап