Перевод с якутского
ыыраах
аат тыл
Нууччалыы промежуток между пальцами рук или ног
English gap between the fingers or toes
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи тарбахтарын икки арда
Нууччалыы Промежуток между пальцами рук или ног
Лаҕа иһиирэн кэлбит сытыы оҕу бэйэтигэр тиэрпэккэ, ыырааҕар түһэрэн ылбыт. Н. Босиков Абдуркулла -- сир диэки хайыһан олорон, атаҕын ыыраахтарын хаһа олордо. Эрилик Эристиин Корнил кычырҕас кумаҕы баһан ылан, тарбахтарын ыыраахтарынан саккыратар Ойуку
Өссө холобурдар (3)
Кыыл, сүөһү, көтөр тыҥырахтарын эбэтэр туйаҕын арахсыытын икки арда. Θ Промежуток между копытами рогатого скота, когтями животных, зверей, коготками птиц. Чыычаах тумсунан ыырааҕын быыһын ыраастанан, биир кымаах кур түү саҕа бэйэкэтэ ибигирээмэхтээн ылла. Амма Аччыгыйа Оҕустарын дуома ыырааҕын быыһыгар тимир тоһоҕо киирбититтэн ыла, доҕолоҥнуур буолбута. У. Нуолур Арахыыт бастакы бэлиэлэрэ – кыыл ыыраахтара холбоһор, уҥуохтарын сүһүөхтэрэ сонуур, ойоҕосторугар болчуох үөскүүр ТИиС
2 аат тыл #
Туох эмэ салааланан арахсыытын быыһа
Нууччалыы Промежуток между разветвлением чего-л
Баһын уҥуоҕун мас ыырааҕар иҥиннэрэ уураллара. БББ. Үөһээ сүллүгэс баҕана төбөтүнээҕи ыыраахха ууруллар СТӨ
3 этии #
Аһаҕас ыыраахтаах фольк. – ынах, оҕус сүөһү Аҕыс үрэх тухары халҕаһа мууһун курдук хайа ааллаан үөскээбит аһаҕас ыыраахтаахпыт -- эстэрэ кэллэ. П. Ойуунускай
Нууччалыы Рогатый скот (букв. с открытыми промежутками [копыт])
4 этии #
Нууччалыы Изгородь, нижние две жерди которых продеты в отверстия столбов, а верхняя третья продета в промежуток верхней части столбов
Этиилэр
Ыыраах бүтэй
икки алын маһа баҕана үүтүгэр угуллубут, үөһээҥҥи үһүс сиэрдийэ баҕана төбөтүнээҕи ыыраахха түһэриллибит үс үүт бүтэй ыы саҕатыгар ыыраах бүтэйинэн күрүөлэммит кэбиһиилээх түөрт от турара.
Күрүлгэн. Ср. др. -тюрк., тюрк. йарых ‘область паха, место раздвоения’, йарух ‘разрез, трещина’