ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньиккэрий

туохтуур

Нууччалыы чистить, тереть пальцами или ладонью (напр., грязь, пот с лица или что-л. липкое) с силой, сильно надавливая

1 туохтуур #

Тарбаххынан эбэтэр ытыскынан ыга баттаан, күүскэ анньан сот, ыраастаа (убаҕаһы, кири-буору, көлөһүнү, туох эмэ сыстаҥнаһы)

Нууччалыы Чистить, тереть пальцами или ладонью (напр., грязь, пот с лица или что-л. липкое) с силой, сильно надавливая

  • Хараанай ыаҕайаттан мас кытыйаҕа үүт кутан чорулатта, ыаҕайа иэдэһигэр умньаммыт үүт салааһынын сөмүйэтинэн ньиккэрийэн ылан, салаан кэбистэ.
    И. Гоголев
  • Мэхээлэ сүүһүн көлөһүнүн икки чанчыгын диэки, илиилэрин көхсүнэн, ньиккэрийэн кэбистэ.
    А. Сыромятникова
  • Киирик си-дьүгээр буолуохтааҕар сыа-арыы бытархайын сундуук түгэҕиттэн ньиккэрийэн ылан, ытыһыгар хомуйан, дьиэҕэ киллэрбитэ
    ХС

2 туохтуур #

Туохха эрэ кыһайа тутан кырыылааҕынан (хол., быһах өнчөҕүнэн) ыга баттаан көннөрөр, сымнатар курдук ньылбы тарт, ньылбырыт (хол., сигэ буолар талаҕы, быаны, тимир туһаҕы о. д. а.)

Нууччалыы Потянуть, придавив чем-л. твёрдым (напр., обухом ножа) к ровной твёрдой поверхности, с целью выпрямить или сделать мягче (напр., прутик тальниковый, веревку, тонкую железную проволоку и т. д.)

  • Синньигэс талаҕы быһах өнчөҕүнэн ньиккэрийэн эбэтэр илиигэ эрийэн сымнаттахха сигэ быа буолар. Бүк-тах барбыт эргэ тимир туһаҕы маска ньиккэрийэн көннөрүллэр. Тэҥн. ньиккэй. Ср. бур. нидхыр ‘скребок для соскабливания грязи’

«НЬ» буукуба