Перевод с якутского
илгиэлээ
туохтуур
Нууччалыы дернуть, резко потянуть, неоднократно за что-л., что-л. на себя
1 туохтуур #
Эмискэ-эмискэ, хос-хос тардыалаа (хол., муоһаны)
Нууччалыы Дернуть, резко потянуть, неоднократно за что-л., что-л. на себя (напр., вожжи)
Арамаан муоһатын күүскэ илгиэлээн баран, аты кымньыынан быһыта биэрдэ. Амма Аччыгыйа Төбөтүн быатын илгиэлии, атаҕынан тиҥилэхтии сатаабыта да, хата, табата хамсаан да көрбөтөҕө. И. Федосеев Егор Килович ыга кыыһырбыта тута биллэр. Били кылабачыгас кыһыл паапка "молнията" харбытын бокуойа суох илгиэлиир
Н. Лугинов
2 туохтуур #
Илиигинэн тугу эмэ тутан баран, төттөрү-таары дьигиҥнэтэн хамсат, күүскэ анньыалаа-тардыалаа
Нууччалыы Сильно трясти, трепать что-л
Баттаҕыттан илгиэлээ. Оҕолор титириги илгиэлээн моҕотойу түһэрдилэр. Микиитэ -- Байбалы уолугуттан туура харбаан ылла да илгиэлээбитинэн барда. Амма Аччыгыйа Сортуохабы, сукуна сонун уолугун бүүрэ харбаан ылан, илгиэлээтэ А. Сыромятникова
3 туохтуур #
Туллаҥнат, дьигиһит, илибирэт (тыал туһунан)
Нууччалыы Сотрясать, содрогать, заставлять дрожать (о ветре)
Таҕыстыбыт. Охтороору – силлиэ кууһан илгиэлээтэ. Иһиирбэхтиир, ыһар хаары, Киҥнээх, түргэн бэйэтэ. В. Хон Эмиэ эн эйэҕэс күлүгүҥ Иннибэр көстө элэҥниир, Эмиэ хап-хара түннүгү Илбиһирэн тыал илгиэлиир В. Потапова