Перевод с якутского
илгиһин
туохтуур
Нууччалыы мотать, трясти головой
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Төбөҕүн икки өттүгэр хамсатан дьигиһит
Нууччалыы Мотать, трясти головой (часто – в знак неодобрения или отрицания чего-л.)
Эдэр нуучча чачархай куударатын өрө анньынна, хантас гынан илгистэн кэбистэ уонна көхсүнэн уокка олоруна оҕуста. Амма Аччыгыйа Маадьаҕар атахтаах, салҕатыттан төбөтүн илгистэ-илгистэ килэччи көрбүт киһи саҥарда. Эрилик Эристиин Бэл харсыылаах оҕустардыын сылаарҕаан, дьулайан, илгистэн кэбиһэ-кэбиһэлэр, кэннилэринэн тэйсэ сылдьаллар Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Бүтүн бэйэҕинэн дьигиһийэн илгэн кэбис, киэр бырах (бэйэҕэр сылдьар тугу эмэ)
Нууччалыы Сотрясаясь, содрогаясь всем телом, сбрасывать, отшвыривать (с себя что-л.). [Ат барахсан] уҥуоргу өттүгэр [үрэҕи] таҕыста да, дьигиһийэн илгистэн кээспититтэн уута уҥуоргу биэрэккэ тиийэ ыһылынна
Тайах оҕото биэрэккэ тахсан уутун илгистэр, ол-бу диэки көрбөхтүүр. Н. Заболоцкай [Ыт сиртэн] ойон тураат, буорун-сыыһын тэбэнэн, илгистэн дьигиһийбэхтээтэ И. Федосеев
3 туохтуур #
Нууччалыы Дрожать, трепетать; колыхаться (преимущественно в поэзии о растениях)
Элиэнэ көҕөрбүт талаҕа Сөҕөрдүү сүр күүскэ илгистэр, Хааннааҕы булбатах буулдьаҕа Кэлэйэн киистэтин чэлгитэр. Эрилик Эристиин Чуҥкунуу иһиирэн, чуумпу түстэ Манна, дьол төрөөбүт түөлбэтигэр, Чинара сэбирдэҕэ илгистэр. Л. Попов Солко кур субуллар, суугуна диэбитим Имиллэр сэбирдэх илгистэр эбит дуу П. Тулааһынап
Этиилэр
Илибирээ, тэлибирээ, дьигиһий (үүнээйи туһунан
үксүгэр поэз.
)
4 этии #
Нууччалыы Раздражаться сердитой тирадой (букв. трястись, разметывая вокруг искры пламени)
Этиилэр
Баһын (төбөтүн) илгистэр көр бас
Оройуоҥҥа үлэҕэ ыҥырдахтарына, бэл учууталлаа диэтэхтэринэ – күлэн кэбиһэр, баһын илгистэр. Н. Габышев "Суох, биһиги киэһэ барыахпыт," – Петя төбөтүн быһа илгистэр.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
Биирдэ "хамыһаар ойоҕо", тоһуйбут иһиттэрин көрө тахсан баран, саҥарбат буолуор диэри сөхпүтэ, төбөтүн быһа илгистибитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Отчуттар кунантан төбөтүн, түөрт атаҕын, тириитин эрэ хаалларбыттар. Кулуба ону истэн баран баһын быһа илгиһиннэ. ХС Кутаа уотунан илгистэр кэпс. – уот сиэн эрэрин курдук күлүбүрэччи харса суох саҥарар, кутар-симэр, үөҕэр-этэр Эмээхсин икки модороон харытын ньыппарыммытынан, кутаа уотунан илгистибитинэн барда
5 этии #
Нууччалыы Громко и резко выражать свой гнев, возмущение чем-л; разъяриться
Этиилэр
Кыыһыран илгиһин
айдааран, силбиэтэнэн, күүскэ хамсанан-имсэнэн кыыһыр Киһибит эмискэ кыыһыран илгистэн турда.
Кутаа уотунан илгиһин (кыһыл төлөнүнэн илгиһин)
уотунан, төлөнүнэн, туох эмэ суостааҕынан уһуур, төлө биэр.
Пылать, обдавать жаром, огнем, пламенем; изрыгать пламя.
["Катюша"] Саҥа позицияҕа тиийэн эмиэ хабырынар, эмиэ кутаа уотунан илгистэр. ПДА СС. Суостаах тааҥкалар... кыһыл төлөнүнэн илгистэллэр. С. Никифоров Аҕыйахта уунаҥнаатын кытта кыра ырааһыйа ортотугар кыһыл төлөнүнэн илгистэ турар кыракый ампаар көһүннэ. ХС
Хаанынан илгиһин
быыстала суох хаанынан уһун, хаанынан ыһыахтан.
Истекать, брызгать, орошать кровью, терпеть большое кровотечение.
Оо! Хара ыт, баайдар кутуу чэйдэригэр, хамса табаахтарыгар атыыламмыт дьон баар буоланнар, баҕалаах хааҥҥынан илгистэн эрэр баҕайы, тугу эппэт буолуоҥуй?! Эрилик Эристиин Бары хаанынан илгистэ турар аты тула үмүөрүстүлэр. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Суох, хара санаалаах, суох, дьиккэр, Москва палаһын илиитигэр Мэлдьэһэ, хаанынан илгистэ, Иҥиирин тартаран сөрүөстэ, Эн экчи кэмсинэн кырыаҕыҥ. А. Пушкин (тылб.)