ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэлибирээ

туохтуур

Нууччалыы дрожать, трепетать

1 туохтуур #

Түргэн-түргэнник мөҕүс, хамсаа (үксүн киһи сүрэҕэ, сэбирдэх, чараас таҥас хамсыырын туһунан)

Нууччалыы Дрожать, трепетать (о листьях, тонкой ткани, сердце человека)

  • Онтон былыргы тыллаах дьахтар ытарҕатын илбиргэһин курдук сэлибирии мөхсөр сэбирдэхтээх тэтиҥ мастар халыҥ балаһаларын уҥуордаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Хайдах эрэ куттанан, баттатыах курдук буолан, уһуктан кэлбитим, сүрэҕим дэлби сэлибирээбит.
    Болот Боотур
  • Ийэ-хара көлөһүнэ саба түстэ, аҕылаата сүрэҕэ сэлибирээтэ, хараҕа аһыйда.
    ГНА ТС

2 туохтуур #

Түргэн-түргэнник иҥнигэһэ суохтук, чэпчэкитик саҥар

Нууччалыы Говорить быстро, скороговоркой, болтать, молоть языком

  • "Хабытай, эмиэ сымыйанан сэлибирээтиҥ", – диэтэ Лана уонна төттөрү хайыста.
    М. Доҕордуурап
  • – Дьоҥҥо үчүгэйдик өйдөтөн этитилээбитиҥ дуо? – Этэн, этэн. Бүгүнү, бэҕэһээни быһа, – Хорохоот сэлибирии түстэ,
    ХС
  • Миша тохтоло суох саҥаран сэлибирии, илин тиистэрэ суох буоланнар, айаҕа оҥооруҥнуу сырытта.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йелвир ‘качаться, колыхаться’, каракалп. желбиреу ‘плескаться (о парусах, флагах)’

«С» буукуба