Перевод с якутского
буолуой
туохтуур
Нууччалыы выражает вопрос с оттенками желания узнать (в этом и др
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
эб
Тоҕо ол курдук гынара буолуой? Н. Якутскай Маннык модун тиит туохтан охтубута буолуой? “ ХС
2 туохтуур #
Мунааран, билэргэ баҕатыйан ыйытыыны көрдөрөр (буолуоҕай уонна буолуомуй, буолуоҥуй, буолуохтарай диэн курдук с., ахсаан ф. туттуллуон сөп, бу да, атын да суолт. ый. солб. ааттарынан күүһүрдүллэр, туохт. ф-рын кытта тут-лар)
Нууччалыы Выражает вопрос с оттенками желания узнать (в этом и др. значениях усиливается вопросительными мест., употр. с гл. ф.)
3 туохтуур #
Хайааһын буоларын сыһыан мэлдьэһии көмөтүнэн бигэргэтиини көрдөрөр (ый. солб. ааттардаах этиигэ тут-лар)
Нууччалыы Выражает утверждение положительного смысла действия путем модального отрицания (употр. в предложении, в к-ром имеются вопросительные мест.)
Бачча улахан сыанаҕа хайдах биэрбэт буолуой? Эрилик Эристиин Эдэр дьон, таптаһар дьон тоҕо уураспат, тоҕо сылласпат буолуохтарай?
П. ОйуунускайХайдах таптыыр кэргэнин Санаабаттаах буолуоҕай? П. Тобуруокап
4 туохтуур #
Этиллэр санааны бигэргэтэр, күүһүрдэр
Нууччалыы Выражает утверждение, усиление высказываемой мысли
Нуучча норуотун чулуу уолаттара, кыргыттара атын норуоттар батталтан босхолонууларын, көҥүлү ылыыларын иһин, төһөлөөх мөлүйүөнүнэн охтоннор, сырдык тыыннарын толук уурбуттара буолуой?
Суорун Омоллоон“Эдэр эрдэхтэн төһө элбэх күн, чаас итинник туһата суох ааспыта буолуой,” - дии санаата Байанай. Софр Данилов
5 туохтуур #
Суланыыны, кэмсиниини, сэмэлэниини, хомойууну көрдөрөр
Нууччалыы Выражает досаду, сетование, самоосуждение, огорчение говорящего
“Тоҕо куотан сору-муҥу көрбүтүм буолуой,” - дии-дии ытыы сытта. И. Данилов Дьэ, бу кини, Кылбанов, туох буруйугар бүрэ дьүһүннэнэн төрөөбүт буолуой? Софр. Данилов. Тоҕо кытылга кэлбиттэрин биллэрбэтэҕим буолуой? - диэн бэйэтин сэмэлэнэр Н. Якутскай