Перевод с якутского
буолла
туохтуур
Нууччалыы выражает желание говорящего узнать причины, мотивы уже совершенного или предстоящего действия (употр
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
эб
“Дьонум миигин хайдах көрсөллөрө буолла?” - дии саныыр. А. Софронов Эппиэтин хаһан ыытара буолла? Д. Таас Ол Ньуукка үөрэҕин быраҕан, тыаҕа тоҕо тахсыбыта буолла? С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Баҕайы эбиискэни кытта сэргэстэһэн суолтатын күүһүрдэр (бу түбэлтэҕэ кэпсиирэҕэ сыстыан сөп). Θ При сочетании с частицей баҕайы указанное значение усиливается еще более. Тугу суруйар баҕайылара буолла?
Күндэ“Төһө дириҥ баҕайы буолла?” - диэбитэ кинилэртэн биирдэстэрэ, иһиллэр иһиллибэттик Д. Таас
2 туохтуур #
Саҥарааччы ыйытан, билиэн баҕаран мунаарарын, кыратык сэрэхэдийэн интэриэһиргиирин көрдөрөр (ыйытар интонациялаах, ыйыт. солб. ааттардаах этиигэ аат туохтуурдары кытта тут-лар)
Нууччалыы Выражает желание говорящего узнать причины, мотивы уже совершенного или предстоящего действия (употр. с прич., сочетается с вопросительными мест. и сопровождается вопросительной интонацией)
3 туохтуур #
Этиллэр хайааһын саҥарааччыга кэпсэнэр предметэ биллибэтин, ардыгар, мунаарыы дэгэттээх көрдөрөр (ыйытар интонацията суох тут-лар)
Нууччалыы Выражает неизвестность для говорящего предмета речи высказываемого действия, иногда с оттенком недоумения (употр. без вопросительной интонации)
Төһө өр турбута буолла, арай биирдэ тулатын көрүммүтэ ким да суоҕа.
Н. ЛугиновТөһө өр буолта буолла, биирдэ өйдөнөн кэлбитэ - сөһүргэстээн олорор эбит. Амма Аччыгыйа “Эн даҕаны хайдах киһи эбитиҥ буолла,” - Үүйэ Эльвираны өйдүү түстэ. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Баар буолуохтаах. Тиэтэйэн тугу-тугу уктубутум буолла Н. Заболоцкай
4 туохтуур #
Саҥарааччы урут буолбут хайааһынтан сылтаан суланарын-кэлэнэрин, кэмсинэрин көрдөрөр
Нууччалыы Выражает сожаление сетование, большое недовольство говорящего по поводу совершенных действий
Хайдах мин урут баай батталын бу курдук дьэҥкэтик өйдөөбөтүм эбитэ буолла. Н. Павлов Абааһы баара, тоҕо эмиэ ылбытым буолла. В. Яковлев Сүрдээхтик эрэйдэнэрим, санааргыырым, ытыырым, тоҕо холкуоска тахсан сордонноҕум буолла диэн С. Ефремов
5 туохтуур #
Билигин ааспыт кэмнээх туохтуурдары кытта билиэн баҕарыы дэгэттээх сэрэтиини көрдөрөр
Нууччалыы С глаголами недавно-прошедшего времени выражает предположение с оттенком желания узнать о происходящем
Ол кэтэрдэригэр уот түрүтэ сиэбит баастара төһө эрэ ынырыктык ыарыйдылар буолла! Софр. Данилов. Сылластыгас Сүөдэркэ хайдах эрэ киһиргээтэ буолла. Н. Якутскай Туох ааттаах тоҥ иҥиирдээхтэр Тутустаххыт буолла?!!
П. ОйуунускайКөһөр да улахан эрэйдээх, туох-туох дойдуга анаатылар буолла С. Ефремов
6 туохтуур #
Хайааһын көрүнньүк, сымыйа, кубулунуу майгыннааҕын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает кажущийся, мнимый, поддельный характер действия
Кыра Хабырыыс иһигэр улахан хоргутуулаах эрээри, күлбүтэ буолла. Эрилик Эристиин Мила хантас гынна. Аһаҕас сытар кэниспиэгэр умса түһэн суруйбута буолла.
Н. ЛугиновКэмниэ кэнэҕэс, сыыр анныгар ыкса тиийэн кэлбиппит кэннэ, дьиэ “манабыла” үрэн ньаҕырҕаабыта буолла. “ ХС
7 туохтуур #
Билиҥҥи бириэмэҕэ туохтуурдары кытта хайааһын билиҥҥи туругун, инникитэ быһаарыллыбытын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает данное состояние, предрешенность действия
Алыы бүтүүтүн саҕана тайах субу-субу тохтоон, ыттыын охсуһар буолла. Т. Сметанин Оҕонньор Уйбааскыны илдьэр буолла. Л. Попов Элбэхтик этиппэтэҕэ - барсар буолла. “ ХС